Михаил Мишустин Үлэ кодексатыгар сөптөөх нуорманы киллэрэн, үлэ биэрээччилэр үлэһиттэригэр Саҥа дьыл иннинэ булгуччулаах 13-с хамнас төлөбүрүн оҥороллоругар этии киллэрдилэр.
Бу туһунан докумуоҥҥа сигэнэн ТАСС иһитиннэрдэ. Көҕүлээһин «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэссэдээтэлиттэн Сергей Мироновтан киирбит.
«Бу этиини Арассыыйаҕа үлэ биэрээччитэ 13-с хамнас төлөбүрүн оҥорорго Үлэ кодексатыгар уларытыыны киллэрэргэ уонна бу сыл ахсынньы 20 күнүгэр хойутаабакка төлүүргэ, сокуонунан олохтоммут болдьоххо эппиэтинэһи сүктэрэгитигэр көрдөһөбүн«, — диэн докумуоҥҥа суруллубут.
Билигин 13-с хамнас төлөбүрүн үлэ биэрээччи баҕа санаатынан ыытар. Баартыйа бэрэссэдээтэлэ этэринэн, Саҥа дьыл иннинэ маннык төлөбүр үлэһиттэр санааларын үрдэтиигэ көмөлөһүө, бастатан туран, каадыр тиийбэт буолуу усулуобуйатыгар үлэ көдьүүстээҕэ көстүө. Ону таһынан маннык дьаһал намыһах дохуоттаах ыалларга Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга ордук бэлэмнээх буолалларыгар көмөлөһүөхтээх.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара» национальнай бырайыагынан бүтэһик алта сылга…
Түөкүттэр дьону албыннаан үптэнээри арааһы бары толкуйдууллар. Аны «Энтеромикс» онковакцина килиниичэскэй бэрэбиэркэлээһинигэр кыттыҥ диэн дьоҥҥо …
Хомойуох иһин, күннэтэ кэриэтэ өрөспүүбүлүкэ, киин куорат суолларыгар суол саахала тахса турар. Ол курдук тохсунньу…
Бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Соҕуруу, хоту сорох сиринэн…
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…