Бырабыыталыстыба байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин дьиэнэн хааччыйыыга төлөбүр бэрээдэгин бигэргэттэ
РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сыл сэтинньи 7 күнүнээҕи 1509 №-дээх уурааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин дьиэ атыылаһалларыгар эбэтэр тутталларыгар төлөбүрү оҥоруу бэрээдэгин бигэргэттэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын эдэр дьиэ кэргэнигэр олорор дьиэни атыылаһарга эбэтэр туттарга социальнай төлөбүрү бастакынан биэрэр буолуохтара. Бу туһунан уураахха РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаабыта. Билигин үс уонна онтон элбэх оҕолоох эдэр ыаллар, ону тэҥэ 2005 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри олорор усулуобуйаларын тупсарыыга учуокка турбут эдэр ыаллар итинник төлөбүрү бастакынан ылар бырааптаахтара. Аны билигин байыаннай дьайыы кыттыылааҕын эдэр дьиэ кэргэнэ эмиэ бу быраабынан туһанар кыахтанна.
Маннык социальнай көмө кэргэнниилэр 35-гэр диэри саастаах буоллахтарына эрэ оҥоһуллар. Онуоха оҕото да суох буоллахтарына маннык социальнай көмөнөн туһанар бырааптаахтар. Маны таһынан судаарыстыбаннай көмөнү биир эбэтэр хас да оҕону иитэ сылдьар 35-гэр диэри саастаах аҥаардас төрөппүт эмиэ ылыан сөп. Сүрүн ирдэбилинэн – дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар буолуохтаах.
Социальнай көмө төлөбүрүн суумата дьиэ сыанатыттан 30-35% тэҥнэһэр. Үп-харчы дьиэ атыылаһарга, саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ыларга, бэйэ дьиэтин туттарарга, ону тэҥэ ипотека бастакы төлөбүрүгэр эбэтэр төлүүргэ туттуллуон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: