Бырабыыталыстыба федерация кэлэр сыллаах бүддьүөтүн иһитиннэрдэ
Арассыыйа бүддьүөтүн дохуота эһиил уон икки бырыһыанынан үрдүүр чинчилээх. Бу туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин балаҕан ыйын 24 күнүгэр ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Арассыыйа бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа эһиилги сылга 40,296 триллион солкуобай буолуоҕа. Бу былырыыҥҥытааҕар уон икки бырыһыанынан үрдүк. Ороскуоттаах чааһа – 41,469 триллион солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Премьер-миниистир иһитиннэрбитинэн, ньиэп, гаас атыытыттан ураты бүддьүөккэ киирэр дохуот лаппа эбиллиэхтээх. Дохуот бу чааһа бүтүн бүддьүөттэн 73 бырыһыанын ылыахтаах.
Бүддьүөт сокуона социальнай хайысхатын сүтэрбэт. Бырабыыталыстыба судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ бүддьүөттэн 24 триллион солкуобайы көрөр былааннаах. Хамнас алын кээмэйэ 2025 сылга үрдээн, 22,4 тыһыынча солкуобай буолара былааннанар. Оттон 2030 сылга диэри бу көрдөрүү 35 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөхтээх. Кэлэр үс сылга коммунальнай хаһаайыстыба инфраструктуратын сайыннарыыга бүддьүөттэн 180 миллиард солкуобай үбүлээһин көрүллүөҕэ. Оттон дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ 10 триллион солкуобай барара былааннанар.
Санатан эттэххэ, кэлиҥҥи сыллартан бэттэх үп сүрүн докумуона үс сылга былааннанан оҥоһуллар. Михаил Мишустин мунньахха бэлиэтээбитинэн, бырабыыталыстыба бүддьүөт сокуонун барылын оҥорон бүтэрэн парламеҥҥа алтынньыга диэри киллэриэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: