Бырабыыталыстыба сыллааҕы отчуотугар уопсайа 29 тыһыынча киһи кыттыыны ылбыт

Share

Нэһилиэнньэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбата 2023 сыллааҕы үлэни-хамнаһы сиһилии билиһиннэрдэ. Отчуоттуур мунньахтарга барыта 29 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта бэлиэтэнэр.

Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, куораттарга, бөһүөлэктэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын үлэһиттэрэ, исписэлиистэрэ тиийэн сыл устатыгар ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы, түмүгү, ситиһиини, уопсайынан туох хайдах баарынан билиһиннэрдилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Коммунальнай хаһаайыстыба, оттук, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, уопсастыбыннай миэстэлэри тупсарыы, социальнай эбийиэктэри тутуу, сибээс, суол иис хаачыстыбатын тупсарыы, авиационнай ситими сайыннарыы боппуруостара нэһилиэнньэни ордук долгутара билиннэ. Отчуот чэрчитинэн, дьон тус кыһалҕаларын сирэй көрсөн быһаарыыга үлэлэр ыытылыннылар.

Эрдэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бу үлэ саамай сүрүн суолтата – өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата дьону кытта көрсөн баар кыһалҕалары илэ көрөн билэрэ, нэһилиэнньэни кытта алтыһара буолар диэн эппитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago