Бырабыыталыстыбаҕа ньиэп уонна гаас салаатын боппуруостарын дьүүллэстилэр
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дьулустаан Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп уонна гаас салаата сайдыытын туһунан мунньаҕы тэрийэн ыытта.
Тэрээһиҥҥэ эрэгийиэн бу эйгэҕэ үлэлиир сүрүн тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
— Ньиэп уонна гаас салаата Саха сирин бырамыысыланнаһын сайдыытыгар сүрүн оруоллаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир сытыы боппуруоһунан уматык сыаната олус үрдүгэ уонна сотору-сотору халбаҥныы турара буолар. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар ньиэби уонна гааһы хостуу, онно-манна батара олорон, ньиэп бородууктатын бэрт ыарахан сыанаҕа өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн тиэйэ-таһа олоробут. Онон, бастатан туран, бэйэбит гаас оттукпутунан уонна уматыкпытынан хааччыллар сорук турар, — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Борисов.
Мунньах кыттыылаахтара бу салаа сайдыытыгар кэлим сыһыаны олохтоон, айылҕа гааһын уонна убаҕас оттук бары көрүҥүн кэҥэтэр соругу, гаас уматыкка көһүөн сөптөөх тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир тиэхиньикэ ахсаанын ааҕыы-суот, үөрэтии үлэтин ыытыыны дьүүллэстилэр.
СӨ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа убаҕас гааһын туттарга анал быраагыраама оҥоһуллубута. Бу докумуон чэрчитинэн, 27 нэһилиэнньэлээх пуун (ол иһигэр 48 хочуолунай) гаас ситимигэр холбонуохтаах. Гаас уматыкка 2 тыһыынча кэриҥэ тырааныспар тиһигэ көһүөхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: