Бырабыыталыстыбаҕа ньиэп уонна гаас салаатын боппуруостарын дьүүллэстилэр

Share

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дьулустаан Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп уонна гаас салаата сайдыытын туһунан мунньаҕы тэрийэн ыытта.

Тэрээһиҥҥэ эрэгийиэн бу эйгэҕэ үлэлиир сүрүн тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Хаартыска -- СИА

Ньиэп уонна гаас салаата Саха сирин бырамыысыланнаһын сайдыытыгар сүрүн оруоллаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир сытыы боппуруоһунан уматык сыаната олус үрдүгэ уонна сотору-сотору халбаҥныы турара буолар. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар ньиэби уонна гааһы хостуу, онно-манна батара олорон,  ньиэп бородууктатын бэрт ыарахан сыанаҕа өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн тиэйэ-таһа олоробут. Онон, бастатан туран, бэйэбит гаас оттукпутунан уонна уматыкпытынан хааччыллар сорук турар,  — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Борисов.

Мунньах кыттыылаахтара бу салаа сайдыытыгар кэлим сыһыаны олохтоон, айылҕа гааһын уонна убаҕас оттук бары көрүҥүн кэҥэтэр соругу, гаас уматыкка көһүөн сөптөөх тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир тиэхиньикэ ахсаанын  ааҕыы-суот, үөрэтии үлэтин ыытыыны дьүүллэстилэр.

СӨ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа убаҕас гааһын туттарга анал быраагыраама оҥоһуллубута. Бу докумуон чэрчитинэн, 27 нэһилиэнньэлээх пуун (ол иһигэр 48 хочуолунай) гаас ситимигэр  холбонуохтаах.  Гаас уматыкка 2 тыһыынча кэриҥэ тырааныспар тиһигэ көһүөхтээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

60 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago