Бырабыыталыстыба Саха сиригэр урутаан сайдыы сирин-уотун кыраныыссатын кэҥэттэ

Share

Саха сиригэр урутаан сайдыы сирин-уотун кыраныыссатын сир учаастактарын эбии киллэрэн кэҥэтиэхтэрэ, бу бырамыысыланнас уонна туризм эйгэлэригэр инвестиция саҥа бырайыактарын үлэлэтэргэ усулуобуйаны тэрийиигэ төһүү буолуоҕа. Бу уураахха Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Уһук Илиҥҥэ уопсайа урутаан сайдыы түөрт сирин-уотун кыраныыссалара кэҥэтилиннэ.

“Саха сирин соҕуруу өттө” урутаан сайдыыга Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын сирдэригэр таас чох кластера тэриллиэҕэ.  2027 сылга онно байытар фабриканы тутуохтара, итиннэ Сыллаахтаҕы баайдаах сир таас чоҕо тиэйиллиэҕэ. Бу бырайыагы олоххо киллэрии 15,7 млрд солкуобай кэриҥэ кэтэх инвестицияны эбии тардыаҕа уонна 1,1 тыһ үлэ саҥа миэстэтэ тэриллиэҕэ. “Якутия” ТОР иэнэ Дьокуускайга баар сир учаастагын суотугар улаатыаҕа, манна 150-180 нүөмэрдээх гостиница комплексын тутууну былаанныыллар. Бу бырайыакка кэтэх инвестициялар кээмэйдэрэ 1,4 млрд солкуобайга тэҥнэһэр.

”Киин” СДК хампаанньа бырайыагын кэлимсэ арыаллааһыҥҥа киирдибит, “Якутия” урутаан сайдыы сирин кэҥэтэн, инвесторга биисинэскэ көҕүлээһинин өйөөн. “Якутия” ТОР резиденин статуһун ылан баран, бырайыак судаарыстыба өйөбүлүнэн – нолуокка чэпчэтиилэри уонна административнай преференциялары туһаныаҕа. Маны олоххо киллэрии эрэгийиэҥҥэ саҥа инвестордары булууга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк таһымнаах ыалдьытымсах буолууга үтүө сабыдыаллаах буолуоҕа”, — диэтэ Саха сирин КРДВ дириэктэрэ Дмитрий Борисов.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах саайтан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

18 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago