Сорохтор төһө даҕаны “олохпут барыта бырайыакка кубулуйда” диэтэллэр, “Үөрэх” национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, оннооҕор тыа сирдэригэр бүгүн көрөр дыбарыас курдук үөрэх тутуулара дьэндэйдилэр. Аны бу эбийиэктэри олоччу аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр тэрилинэн хааччыйаллар.
“Үөрэх” национальнай бырайыак дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, Саха сиригэр 2019 сылтан олоххо киирбитэ, икки сүрүн соруктаах. Бастакытынан, дойду үөрэҕин күрэстэһэр кыаҕын хааччыйыы уонна үөрэх хаачыстыбатынан аан дойдуга 10 бастыҥнар кэккэлэригэр киирии. Иккиһинэн, РФ норуоттарын духуобунайсиэр-майгы сыаннастарыгар, устуоруйа уонна омук култууратын үгэстэригэр тирэҕирэн, дэгиттэр сайдыылаах уонна социальнай өттүнэн эппиэтинэстээх ыччаты иитэн таһаарыы.
Тустаах бырайыак иһинэн “Аныгы оскуола”, “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ”, “Үөрэх цифровой эйгэтэ”, “Эдэр профессионаллар”, о. д. а. федеральнай бырайыактар киирэллэр.
“Үөрэх” бырайыак 2019 сыллаахха олоххо киириэҕиттэн, биэс сыл устата Саха сиригэр 7170 үөрэнээччигэ аналлаах 31 оскуола тутулунна. Эһиилги сыл түмүктэниэр диэри 50 оскуола буолуохтаах, бу 13260 үөрэх миэстэтин тэрийэри хааччыйыаҕа.
“Үөрэх” национальнай бырайыак биир бастакынан туолбут, харахха быраҕыллар ситиһиитинэн үһүс симиэнэни суох оҥоруу буолар. Аҕыйах сыллаахха диэри үстүү симиэ-
нэнэн үөрэнэ олорбут оскуолалар иккилии симиэнэҕэ көстүлэр. Бу барыта үөрэх саҥа миэстэтин таһаарыы, оскуолалары тутуу суотугар кыалынна.
“Аныгы оскуола” бырайыак чэрчитинэн, тыа сирин уонна кыра куораттар оскуолаларыгар естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалаах “Үүнүү туочуката” кииннэр үлэлииллэр. Түөрт сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 36 тыһ. үөрэнээччини хабар маннык 317 киин аһыллыбыт. Быйыл 66 киин тэриллибит буоллаҕына, эһиил 64 арыйар былааннаахтар. Онон 2024 сыл бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 447 “Үүнүү туочуката” баар буолуоҕа.
Онтон “Үөрэх цифровой эйгэтэ” бырайыагынан, оскуолалар сыыппараҕа холбонууга материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаларын хааччыйаллар. Ааспыт сыл түмүгүнэн 305 үөрэх тэрилтэтэ (272 оскуола, 33 орто анал үөрэх) сыыппара үөрэҕин кииннэрэ тэриллибиттэр. Эбии үөрэхтээһиҥҥэ технологическай хайысхалаах хас даҕаны “IT-куб” оҕолор сэҥээриилэрин ылла.
2020 сыллаахха Ньурбаҕа “IT-куб” цифровой үөрэхтээһин киинэ тэриллибитэ. Бу киин оҕолору информационнай технология эйгэтигэр суолталаах уонна ирдэнэр билиини иҥэринэргэ туһаайыллар бырагыраамаларга үөрэтиэҕэ. Маны тэҥэ, “IT-куб” 2021 сыллаахха Дьокуускайга, былырыын Мииринэйгэ аһыллыбыттара. Эһиил Аллараа Бэстээххэ баар буолуоҕа.
2020 сыллаахха Дьокуускайга Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин тэриллэн, оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьонугар тиийэ «WorldSkills» ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, кылгас кэм иһигэр бүгүҥҥү күҥҥэ ирдэнэр идэлэргэ сыллата 4000‑тан тахса киһини бэлэмниир, идэлэрин хайысхатын уларытар, квалификацияларын үрдэтэр.
“Үөрэх” национальнай бырайыак чэрчитинэн билиини иҥэриигэ, хаачыстыбаны үрдэтиигэ болҕомто уурулларын таһынан, эбии үөрэхтээһини эмиэ дьүөрэлии туталлар. Ол курдук, 2019–2022 сс. тыаоскуолатын, кыра куораттарын 180 үөрэҕин тэрилтэтигэр оҕо успуордунан, эти-хааны эрчийиинэн дьарыканарыгар материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатын саҥартылар. Быйыл 52 үөрэх тэрилтэтин тупсардылар, эһиил эмиэ итиччэ буолуо диэн суоттаналлар. Бырайыак түмүктэниитэ 284 үөрэх тэрилтэтэ бэлэм буолуохтаах.
“Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай бырайыак оҕону эргиччи сайыннарар эбии үөрэхтээһини олоххо киллэриинэн, былырыын Саха сиригэр 1293, быйыл 1459 миэстэни тэрийбиттэр. Эһиил 1400 миэстэни бэлэмниир былааннаахтар. Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта эбии үөрэхтээһин тэрилэ 4152 миэстэни хааччыйыаҕа.
Аны 6–11‑с кылаас үөрэнээччилэрин идэҕэ эрдэттэн туһаайыыга аналлаах “Билет в будущее” бырагыраама былырыыҥҥыттан национальнай бырайыакка киирбитэ. Онон былырыын 7818 оҕо бырайыакка, 5371 оҕо идэҕэ туһаайар уруокка кыттыбыттара, 6180 оҕо диагностиканы ааспыта.
Быйылгы дойду үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылыгар педагогтарга болҕомто ууруллубута улахан суолталаах. Ол курдук, үүнэр көлүөнэни үөрэтии, иитии аҥаардас материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаттан эрэ турбат. Оҕону үөрэтии, кини билиитэ педагогтан тутулуктаах. Онон, национальнай бырайыак иитинэн, дойду үрдүнэн тирээн турар сүрүн боппуруоска — педагогическай каадыры үөрэтиигэ болҕомто ууруллар. “Земскэй учуутал” федеральнай бырагыраама өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сылтан үлэлиир. Биэс сылга кэлэн дуогабарынан үлэлиир учууталларга иккилии мөлүйүөн солк. харчы көрүллэр. Былырыын 15, быйыл 22, эһиил 17 учуутал кыттарыгар кубуота тыырыллыбыта. Уопсайа, “Земскэй учуутал” бырагырааманан 54 педагогка 108 мөл. солк. төлөнүөхтээх.
“Үөрэх” национальнай бырайыагынан дойду хааһынатыттан көрүллэр үп суотугар, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх, үөрэнээччи сайдарыгар улахан хамсааһын таҕыста. Хаалбыт кэми баттаһа ылбыт тэтими ыһыктыбат соруктаах үлэни салгыы ыыталлар.
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…