Быракааҥҥа – икки мэндиэмэннээх дьиэ

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун биир ыраах сытар  Быракаан сэлиэнньэтигэр аҕыс кыбартыыралаах, икки мэндиэмэннээх дьиэ “Хаарбах туруктаах уонна саахалланар дьиэлэртэн көһөрүү” бырагыраама иитинэн тутуллан, сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Ол курдук, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин  быһаччы сорудаҕынан, туһааннаах бырагырааманан куораттарга  эрэ буолбакка, ыраах, кытыы сытар дьоҕус нэһилиэктэргэ саҥа дьиэлэр тутуллан, өрөспүүбүлүкэ  хас да тыһыынча олохтооҕо  олорор усулуобуйаларын тупсардылар.

 

Быракаан улуус кииниттэн 90 килэмиэтир тэйиччи сытар. Сааскы-күһүҥҥү ыйдарга  суол мөлтөөн, айан-сырыы харгыстанар. Күн бүгүн 250-тан тахса киһи олорор. Улуус кииниттэн төһө да тэйиччи олордоллор, тутуу үлэтэ күөстүү оргуйар. Былырыын манна «Альтернатива» ХЭУо киин хочуолунайы үлэҕэ киллэрэн, олохтоохтор абыраннылар.  Аны Үтүө дьыала хамсааһын иитинэн култуурунай-спортивнай комплекс тутуллар. Бу сааскыттан “Хаарбах туруктаах уонна саахалланар дьиэлэртэн көһөрүү” бырагырааманан аҕыс кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаланан, номнуо силигэ ситэн эрэр. Нэһилиэк баһылыга Алексей Оконосовы кытары  төлөпүөнүнэн сибээс­кэ тахса сылдьыбыппытыгар: “Икки  мэндиэмэннээх дьиэ уопсай иэнэ 321,6 кв миэтэрэ. Сэтинньи бүтүүтэ үлэҕэ киллэрэр соруктаахпыт. Бу күннэргэ хамыыһыйа кэлэн көрөн-истэн барбыта. Уотун-күөһүн, ититиини холбооһун үлэтэ хаалла. Дьиэ толору хааччыллыылаах. Онон, үлэ былаан быһыытынан баран иһэр”, – диэн кэпсээтэ.

Хаартыскалары Алексей Оконосов ыытта
Хаартыскалары Алексей Оконосов ыытта
Хаартыскалары Алексей Оконосов ыытта
Хаартыскалары Алексей Оконосов ыытта

https://edersaas.ru/video-byrakaan-sajdar-tupsar/

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago