Бырамыысыланнас Арассыыйаҕа тэтимнээхтик сайдар
Арассыыйаҕа бырамыысыланнас туругун, тохсунньу уонна олунньу ыйдары ылан көрдөххө, куһаҕана суох.
Уопсай көрдөрүү 6,6% тэҥнэһэр. Бу ааспыт сыл ахсынньы-олунньу көрдөрүүтүттэн лаппа ордук, 2023 сыл ити ыйдарга 2,5%.
Былырыыҥҥы курдук өрө тахсыы ордук оҥорон таһаарар бырамыысыланнас суотугар көстөр. Бу салааҕа 10,6% тахсыы баар. Оттон куруутун бастыҥ иһигэр сылдьыбыт салаа — сир баайын хостооһун, тас дойдуларга таһаарыы ыарахаттарыттан сылтаан, соччото суох көрдөрүүлээх — бэрт сэмэй 1,4%.
Орто тэтими улахан эрэгийиэннэргэ бырамыысыланнас тэтимнээхтик сайдара сүрүннүүр. 10% итэҕэһэ суох бырамыысыланнаска үүнүүлээх эрэгийиэннэр — Москва , Москва уобалаһа, Санкт-Петербург, Ленинград уобалаһа, Ростов, Самара, Тула, Новосибирскай уобаластар, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уо.д.а. Бу сайдыы, үүнүү тэтимин көрдөрөллөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: