Бырамыысыланнас, энэргиэтикэ, тырааныспар эйгэтигэр үлэ миэстэтэ элбиир
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр үс бастакы ый түмүгүнэн 11,1 тыһ. үлэ миэстэтэ баара ыйыллар. Бу ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ 3,4 % улахан көрдөрүү.
Эрэгийиэҥҥэ үлэ ырыынагын балаһыанньатын кэтээн көрүү Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.
Иһитиннэриллибитинэн, быйыл үс бастакы ыйга оробуочай идэҕэ наадыйыы баһыйар итиэннэ 5,9 тыһ. үлэ миэстэтэ баара ыйыллар. Бу үлэ миэстэтин уопсай көрдөрүүтүттэн 52,7 % тэҥнэһэр.
Оробуочай идэлэргэ бастакынан араас категория суоппардара, силиэсэрдэр, машинистар, монтердар, мотористар ирдэнэллэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бөдөҥ бырамыысыланнай, тырааныспар уонна энэргиэтикэ эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэр, «АЛРОСА» АК (ПАУо), «Аэропорт Якутск» АУо, «Якутуголь», «Теплоэнергосервис», «Государственная противопожарная служба РС(Я)», «Эльгауголь», «УК «Колмар», ЛОРП, «ДГК» СП «Нерюнгринская ГРЭС, «Сахаэнерго», «ПТВС», «Якутскэнерго»ПАУо үлэһиттэргэ наадыйалларын биллэрбиттэр.
Санатан эттэххэ, 2023 сыл бастакы үс ыйын түмүгүнэн, эрэгийиэҥҥэ үлэтэ суох дьон ахсаана аҕыйаабыт, 5,8 % түспүт.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: