Салгыы
«Бырамыысыланнас уонна геологическай чинчийии» пуорум үлэтин саҕалаата

«Бырамыысыланнас уонна геологическай чинчийии» пуорум үлэтин саҕалаата

15.12.2022, 17:35
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүгэр аналлаах «Бырамыысыланнас уонна уонна геологическай чинчийии: 100 сылы нөҥүөлээн» пуорум саҕаланна.

Пуорум аһыллыытыгар Арассыыйа уонна Уһук Илин уокурук 100-тэн тахса бөдөҥ хампаанньаларын, биэдэмистибэлэрин салайааччылара кытыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев пуорум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран, геологическай чинчийии өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын кытта дириҥ сибээстээҕин, Саха сирин хостонор баайа саппааһынан уонна ресурсатынан Арассыыйа бастакы миэстэни ыларын бэлиэтээтэ.
Баһылык аан дойдуга тарҕаммыт дьаҥынан уонна сааҥсыйанан экэниэмикэ бытаарбыт уустук кэмигэр Саха сирэ бырамыысыланнаһа оҥорон таһаарыытын туруктаахтык улаатыннарбытын бэлиэтээтэ.


«Эрэгийиэннээҕи валовой бородуукта кэнники биэс сылга икки төгүл улаатта. Саха сирин бырамыысыланнаһын үүнүүтэ бу сыл 11 ыйыгар 112,2 % тэҥнэстэ. Бу дойдуга биир бастыҥ көрдөрүү. Сиртэн хостонор туһалаах баай быйылгы кэриҥин сыаналаатахха, былырыын ситиһиллибит историческай таһымыгар тиийиэ», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ 40 мөл. тонна чоҕу, 18 мөл. тонна ньиэби, 18 млрд куб. гааһы уонна 43 тонна кыһыл көмүһү хостуур былааннаах. Бу көрдөрүүнэн Саха сирэ дойду үс бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр бигэтик киириэ.
Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарар инниттэн Айсен Николаев минеральнай-сырьевой баазаны хаҥатар соругу туруорда. «Итиниэхэ федеральнай бүддьүөттэн геологическай чинчийиилэри үбүлээһин кээмэйин саҥаттан көрөр тоҕоостоох дии саныыбын», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Билигин сыл аайы геологическай-чинчийэр үлэлэри ыытыыга 20-30 млрд солк. барар, онуоха ити үптэн 90 %-нын үлэлиир тэрилтэлэр бэйэлэрэ уйуналлар.


Баһылык ону тэҥэ геологическай чинчийиилэри ыытыы көдьүүһүн уонна технологическай өттүн ситэрэн оҥорууну үрдэтэргэ саҥалыы сыһыаннаһарга соругу туруорда. Итини сэргэ кини Хотугу сир уонна Арктика уйан айылҕатын учуоттаан, сир аннынааҕы баайы баһылыырга эклогическай боппуруостары көрөрү ирдээтэ. «Ити биһигини тулалыыр эйгэни харыстыырга үрдүк технологиялаах ньыманы олоххо киллэрэргэ эбээһинэстиир», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
«Энергетическэй уонна хостуур хампаанньаларга пуорум Арассыыйа табаарыстыы дойдуларын кытары бииргэ үлэлииллэригэр тирэх буолуо», – диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырамыысыланнаһын миниистирэ Максим Терещенко.


Пуорумҥа Роснедра, Росгеология, РФ Минвостокразвития, Минпромторг уонна Минэнерго, «Колмар», «Эльгауголь», «АЛРОСА», «Полиметалл», «Полюс Алдан» хампаанньалар, ХИФУ ректоратын, Томскай политехническай университет, И.М. Губкин аатынан ниэп уонна гаас судаарыстыбаннай университетын, наука кииннэрин салайааччылара уо.д.а. кытталлар.
Икки күн устата, ахсынньы 15-16 күннэригэр, пуорум кыттыылаахтара дойду экэниэмикэтэ, бырамыысыланнаһа сайдарыгар, геологическай чинчийиигэ, оҥорон таһаарыыга уонна кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ саҥа технологиялары киллэрии боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: