Сайыммыт оройугар үктэннибит, аны сир астыыр кэм кэлиэҕэ. Бырдахтан, кумаартан, клещтэн харыстанар ньымалары билиһиннэрэбит.
Бырдах, клещ туһунан чахчылар
Сорох чахчылар туоһулуулларынан, бырдах мөлүйүөнүнэн сыл анараа өттүгэр баар буолбут, 3000‑тан тахса көрүҥнээҕэ биллэр. Бырдах тыһыта эрэ ытырар, хаан киниэхэ удьуорун ууһатарыгар наада эбит. Ордук дьахтар аймаҕы буулууллар, сытынан талан ытыраллар. Сымыытыттан улаатыар диэри баара-суоҕа 4 эрэ хонук ирдэнэр. Сырааныгар ыарыыны тута аһардар уонна хааны убатар бэссэстибэлээх, ытырбыт сирдэрэ ол иһин кыһыйар. Араас кутталлаах ыарыыны тарҕатыахтарын сөп.
Клещ 850‑тан тахса арааһа баара биллэр, онтон сорохторо 15 ыарыыны тарҕатар кыахтаахтар. 37 кыраадыстан үөһэ температуралаах тугу баҕарар ытырар. Биир клещ 3000 тиийэ сымыыттыан сөп дииллэр. Клещ хаһан даҕаны маска тахсыбат, киһиэхэ ыстаммат, от быыһыттан сыстан үөһэ диэки тахсан, сөптөөх сири (киһи быттыгын, көхсүн, хоннох аннын, моонньун, төбөтүн) булан ытырар. Сыстыбыт килиэһи төһө кыалларынан түргэнник ылар итиэннэ анаалыска ыытар ордук.
Кумаартан харыстанар ньымалар
“Гвоздикалаах коктейль”
Гвоздика оҕуруот аһын кэнсиэрбэлииргэ эрэ буолбакка, бырдахтан эмиэ харыстыыр дииллэр. Ол курдук, ситэ ата илик 10 гвоздикаҕа 100 кыраам водка кутан баран нэдиэлэ устата хараҥа сиргэ туруораллар. 7 күн ааспытын кэннэ бэлэм састаабы ылан ыстарар иһиккэ куталлар уонна ыстарыналлар. Нэдиэлэ устата туран испиирэ көтөн хаалан киһиэхэ буортута суох, оннооҕор оҕо туттуон сөп диэн сүбэлииллэр. Эбэтэр саамай судургу ньыма баар, апельсины дуу, лимону дуу хас да сиринэн дьөлөн баран гвоздикалары угуллар уонна хоско уурталыыллар.
Лавровай лиис
Лавровай лиис ханнык баҕарар хаһаайкаҕа баара чуолкай уонна сыаната даҕаны чэпчэки. Манна даҕатан эттэххэ, моль, сахсырҕа, таракаан, о. д.а. үөн-көйүүр лавровай лииһи сөбүлээбэттэр диэн исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Бырдахтан харыстанар туһугар хас даҕаны лавровай лииһи ылан нэлэгэр тимир иһиккэ кутан уматыллар уонна умайар кэмигэр дьиэни буруолатыллар. Бу тума сыта баарын тухары бырдах дьиэҕэ киирбэт диэн этэллэр.
Кытыан
Аныгы кэмҥэ кытыаны туһанар дьон аҕыйах. Бу үүнээйи таҥаһы-сабы, түүлээҕи мольтан харыстыыра уруккуттан биллэр. Ол эрээри, бырдах, оҥоойу утары эмиэ туһаныахха сөп эбит. Аҕыйах лабааны тоһутан ылан оттуллубут кутааҕа быраҕыллар эбэтэр туспа куттала суох иһиккэ уматан сыт таһаараллар. Бэлэм үргэммит кытыан суох түгэнигэр кытыан арыытын эмиэ туһаныахха сөп.
ХААРТЫСКА: PXHERE.COM/RU/PHOTO
"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…
2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…
2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…
РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…
Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…