Бүрүсүлүөстээбит ыт хаһаайына эппиэтинэскэ тардыллыаҕа

Share

Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, СӨ Бэтэринээрийэ департаменын салайааччыта Петр Петров брифинг кэмигэр иһитиннэрбитинэн, Саха сирин үрдүнэн бүрүсүлүөс ыарыыга Дьокуускайга уонна Жатайга 10 эпизоотическай очаг баар диэн кэпсээтэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ эпизоотическай очаг диэн – ыалдьыбыт кыыллары тутар сир буолар. Бу ыарыы баар сиригэр ыттары күүлэйдэтэр, көҥүл ыытар уонна тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатын ыытар бобуллар. Хаһаайыннаах ыттарга бүрүсүлүөһү булан баран, Дьокуускай куорат бэтэрэнээринэй управление исписэлиистэрэ уонна ыттары быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить” пуун бэтэринээрэ буолан, 16 ыттан анаалыс ылбыттара. Эрдэ хаһаайыннаах ыттартан ылбыт анаалыспытын кытта пуун ыттарыттан ылыллыбыт анаалыстары тэҥҥэ Москваҕа бэрэбиэркэҕэ ыыппыппыт. Саха сириттэн Москва чинчийэр лабораториятыгар уопсайа 23 анаалыс ыытыллыбыта. Мантан 14 анаалыс ыарыы баарын көрдөрбүтэ. Ол курдук 12 ыт, икки куоска бүрүсүлүөһүнэн ыалдьыбыттар этэ. Мантан биэһэ — пуун ыттара. Сэттэ ыт, биир куоска анаалыстара саарбахтаммыттара. Ити сэттэттэн түөрдэ пуун ыттара буолаллар. Ыыппыт анаалыстарбытыттан биир куоска анаалыһа ыарыы суоҕун көрдөрбүтэ. Ити саарбахтанар аҕыс кыылы 30 хонугунан саҥаттан анаалыс ылан бэрэбиэркэлиэхпит. Бэлиэтээн эттэххэ, бүрүсүлүөстээбит ыты, куосканы РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 533 №-дээх бирикээһин 34 пуунун бэтэринээринэй быраабылатынан, ыалдьыбыт кыылы эмтиир бобуллар. Анаалыс түмүгүнэн ыарыы баара билиннэ да, ыалдьыбыт кыылы 15 хонук кэнниттэн утутуллар. Өскөтүн, ыттаах хаһаайын ыалдьыбыт ытын утутартан аккаастанар, бэтэринээринэй ирдэбили толорбот буоллаҕына, административнай миэрэ ылыллар, ону таһынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп”.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

5 часов ago