Саха сиригэр быстах хомуур боппуруостарынан суһал линияҕа психологтар үлэлииллэр. Саха сирин олохтоохторо “122” нүөмэргэ эрийэн, босхо психологическай көмөнү ылыахтарын сөп. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер (ЯРПНД) психолога Гелиана Корнилова кэпсээтэ.
“Дьоҥҥо психологическай көмөнү оҥоробут, кинилэр кыһалҕаларын истэбит, өйүүбүт, боппуруостарын сөпкө быһааралларыгар көмөлөһөбүт. Холобура, бэҕэһээ хомуурга сылдьар киһи кэргэнэ төлөбүрдэр тустарынан уонна икки оҕотунуун соҕотоҕун хайдах олорорун туһунан ыйыппыта. Киниэхэ көмөлөспүппүт. Дьиэ кэргэҥҥэ соһуччу тахсыбыт уларыйыыларга бэлэмэ суох буолууттан уолуйуу – бу баар көстүү. Маныаха киһиэхэ кэпсээн, тууйуллуутуттан чэпчииригэр көмөлөһөбүт”, — диэтэ Гелиана Васильевна.
ЯРПНД психолога үксүн дьахталлар – кэргэттэр уонна ийэлэр эрийэллэрин, оттон эр дьон сүрүннээн таҥаһынан, тэрилинэн хааччыллыыны уонна быстах хомуур туһунан туоһулаһаллар. Боппуруостар араастар – мэдиссиинэҕэ, үп-харчы төлөбүрдэригэр, кирэдьииттэргэ, быстах хомуурга барбыт киһини көрдөөһүҥҥэ, ким эрэ байыаннай сулууспалаахха тэхиньиичэскэй биричиинэнэн кыайан эрийэн тиийбэтэҕин туһунан.
Гелиана Корнилова элбэхтик доҕоттору кытта көрсүһэргэ, дьиэ кэргэнинэн бириэмэни бииргэ атаарарга, чугас дьону кытта элбэхтик видео-сибээһинэн уонна төлөпүөнүнэн кэпсэтэргэ эттэ.
“Киһи буола турар глобальнай турукка сабыдыаллыыр кыаҕа суох эрээри, кини буола турар быһыыга сыһыанын хонтуруолланыан сөп. Туох да буолбатаҕын курдук үлэлиэхтээх, олоруохтаах. Чугас киһиҥ олус долгуйар буоллаҕына тугу гыныахха? Бастакытынан, кинини өйдүүргүтүн көрдөрүөхтээххит. Бэйэтэ наадыйбат буоллаҕына, сүбэ-ама биэримэҥ. Киниэхэ бэйэҕэ көмөлөһүү техникатын — медитация, айылҕаҕа сылдьыы курдуктары кэпсиэххэ. Муусука, аудиокинигэ көмөлөһүөҕэ”, — диэн Гелиана Корнилова санаатын атастаста.
Балаҕан ыйын 23 күнүттэн колл-киин үлэлиэҕиттэн 17 тыһыынчата эрийэн тиийдилэр.
“122” суһал линияҕа эриийэххитин сөп:
— 122 –эбии кунуопка 1 – быстах хомуур боппуруостарынан (суукканы эргиччи);
— 122 – эбии кунуопка 6 –хомуурга хабыллыбыт уонна хантараактаспыт – баҕа өттүлэринэн барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр волонтерскай көмө боппуруостарынан (10:00-тан 18:00 чааска диэри);
— 122 – эбии кунуопка 6 – эбии кунуопка 2 — уйулҕа өттүнэн көмө боппуруостарынан (10:00-тан 18:00 диэри).
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: тустаах саайтан
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…