Быстах хомуур туһунан “122” быһа линияттан бил
27.09.2022, 18:07
Бөлөххө киир:
Арассыыйаҕа “122” суһал линия мантан инньэ быстах хомуур туһунан ыйытыыларга хоруйдуоҕа.
«РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин сорудаҕынан “122” быһа линияны быстах хомуур боппуруостарыгар иһитиннэриилэри биэрэргэ кытыннарыахпыт”, — диэн РФ вице-премьерэ Дмитрий Чернышенко иһитиннэрдэ.
Сулууспа эрэгийиэннэргэ барытыгар үлэлиир. Эрэгийиэннэргэ колл-кииннэр өрөбүлэ суох үлэлээн, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйу биэрэргэ сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии ыллылар.
Быһа линияҕа аҕыйах хонук иһигэр 200 000 ыйытыы киирдэ.
Ону таһынан быстах хомуур туһунан иһитиннэриилэри бырабыыталыстыба «Объясняем.РФ» нөҥүө билиэххэ сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: