Салгыы
Төһөнү аахсарый?

Төһөнү аахсарый?

27.11.2022, 13:10
Бөлөххө киир:

Быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар олохторугар-дьаһахтарыгар сыһыаннаах ыйытыылар үгүс киһини долгуталлар. Онуоха “Объясняем.рф” диэн федеральнай саайт сүбэ-ама буолар. 

195 тыһыынча солк. ылаллар дуо?

 – Эрэгийиэниттэн тутулуга суох 195 тыһ солк. хамнаһы хомуурга сылдьааччылар  ылыахтара дуо?

– Оннук, маннык үп-харчы быстах хомуурга  ыҥырыллыбыттарга барыларыгар көрүллэр, ханнык эрэгийиэнтэн ылыллыбытыттан тутулуга суох.

Хантараагынан төһөнү аахсарый?

 – Анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар сулууспалыы сылдьар хантараагынан сулууспалыыр байыаннай сулууспалаахтар төһө хамнаһы аахсалларый?

– Эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр хантараагынан сулууспалыыр байыаннайдар бэйэлэрин байыаннай чыыннарыгар уонна дуоһунастарыгар олоҕуран хамнас аахсаллар. Холобура, рядовой – 195 тыһ. солк., взвод хамандыыра – 225 тыһ., батальон хамандыыра – 243 тыһ. солк. ыйга ылар.

Кимэн киирэр эпэрээссийэҕэ кытыннаҕына, хантараагынан ба­­йыаннай сулууспалаахха эбии кимэн киириигэ кыттыытын хас сууккатыгар 8 тыһ солк. төлөнөр.

Маны тэҥэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ статустаах ханта­раактаспыт дьон ыйдааҕы эбии төлөбүрү ылаллар.

2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн ыла (не ранее) байыаннай  сулууспаны ааһар туһунан уонна сылтан итэҕэһэ суох хантараак түһэрсилиннэҕинэ, 195 тыһ солк. биирдэ бэриллэр төлөбүр көрүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: