Быстах хомуур тула
Күндү ааҕааччыларбыт! РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путин ыйааҕынан быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар олохторугар-дьаһахтарыгар сыһыаннаах ыйытыылар үгүс киһини долгуталлар. Онуоха “Объясняем.рф” диэн федеральнай саайт сүбэ-ама буолар.
Уордьан ылыа дуо?
– Эпэрээссийэҕэ баҕа өттүлэринэн кыттааччылар байыаннай сулууспалаахтары кытта тэҥҥэ судаарыстыбаннай наҕараадалары ылаллар дуо?
– Ылаллар, баҕа өттүнэн кыттааччылар бойобуой дьайыыга кыттыыларын иһин судаарыстыбаннай наҕараадаларга түһэриллиэхтэрин сөп.
Хааччахтыахтарын сөп дуо?
– Хомуурга сылдьааччылар счеттарыттан 20 тыһ. солк. эрэ устуохтарын сөп диэн хааччахтааһын баар дуо?
– Байыаннай сулууспалаахтар счеттарыттан харчыны устууга хааччахтааһын суох. Уу харчынан устууну счет аһыллыбыт баана эрэ хааччахтыыр кыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: