Быстах хомуур тула
Күндү ааҕааччыларбыт! РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путин ыйааҕынан быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар олохторугар-дьаһахтарыгар сыһыаннаах ыйытыылар үгүс киһини долгуталлар. Онуоха “Объясняем.рф” диэн федеральнай саайт сүбэ-ама буолар.
Ыспыраапканы хантан ылабын?
– Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыы туһунан ыспыраапканы хантан ылабыт?
– Гражданин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарын туһунан ыспыраапканы сулууспалыы сылдьар байыаннай чааһын хамандыырыттан көрдүүр эбэтэр учуокка турар байаҥкамаатыттан.
– Хомуурга сылдьар кэргэним кэнники үс ыйдааҕы орто хамнаһын туһунан ыспыраапканы хантан ылабыный?
– Быстах хомуур биллэриллибитэ үс ый ааһа илигинэн, ыспыраапканы кэргэниҥ кэнники үлэтин миэстэтиттэн ылыаххын син. Оттон байыаннай сулууспатыгар үс ый ааспыт буоллаҕына, Оборуона министиэристибэтин cabinet.mil.ru саайтыгар байыаннай сулууспалаах тус кэбиниэтиттэн, биитэр РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин Биир кэлим аахсар кииниттэн эбэтэр байыаннай чаас олохсуйбут миэстэтигэр баар үп уорганыттан.
Хаартыска: интэриниэттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: