Быстах хомуурга барбыттар ыттарын, куоскаларын босхо аһатыахтара
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа быстах хомуур туһунан биллэрбитэ. СӨ бэтэринээрийэтин департамена иһитиннэрбитинэн, маннык суһал хомуурга барбыт ыттаах, куоскалаах хаһаайыттар кыылларын көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбаттарын туһугар кинилэр түөрт атахтаах доҕордорун босхо көрүөхтэрэ.
Бу туһунан СӨ бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччы Петр Петров иһитиннэрдэ:
— Ыты иитэр приют эбэтэр быстах кэмҥэ тутар пууну уонна байыаннай хомуурга барыахтаах киһини кытта дуогабар түһэрсиллэр. Бу докумуоҥҥа олоҕуран дьиэ кыыла анал пууҥҥа эбэтэр приютка хаалар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр баар приюттар уонна пууннар үксүлэрэ ыттарга анаан оҥоһуллубуттар. Ол да буоллар, куосканы хаалларар сири буларга үлэһиттэр көмөлөһүөхтэрэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 11 кыылы иитэр приют уонна 10 кыылы быстах кэмҥэ тутар пуун баар. Ол курдук, Дьокуускай куоракка Очиченко уулусса 57-гэр баар ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа куорат олохтоохторо ыттарын, куоскаларын аҕалан туттарыахтарын сөп. Аллайыаха оройуонун Чокурдаах бөһүөлэгэр, Алдан куоратыгар, Амма улууһун киинигэр, Анаабыр оройуонун Сааскылааҕар, Бүлүү куоратыгар, Эдьигээн бөһүөлэгэр, Ленскэйгэ, Мииринэй куоратыгар, Айхал бөһүөлэгэр, Удачнайга, Нам улууһун киинигэр, Өлүөхүмэҕэ, Өлөөҥҥө, Таатта Ытык Күөлүгэр, Хаҥалас улууһун Мохсоҕолооҕор, Покровскай куоракка, Чурапчы улууһун киинигэр ыты тутар пууннар бааллар. Ыт хаһаайына быстах байыаннай хомуурга бардаҕына, хаһаайына суох хаалбыт ыт бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын элбэтиэ суохтаах. Иитэр кыылгыт иннигэр эппиэтинэһи сүгэргитин умнумаҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: