Салгыы
Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт киһи дьиэ кэргэнигэр кыһамньы күүһүрүөҕэ

Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт киһи дьиэ кэргэнигэр кыһамньы күүһүрүөҕэ

19.10.2022, 14:29
Бөлөххө киир:

Бүгүн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев “Саха”  ГТРК-ҕа быһа эпииргэ кытынна. Сүрүн ыйытыылары таһынан Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар эмиэ хоруйдаата.

Ыйытыы:  Балтым бастакы группалаах инбэлиит, киниэхэ мин соҕотох эппэкииммин. Өскөтүн быстах хомуурга бэбиэскэ кэллэҕинэ, хайдах буолабыт?

А.Николаев:  Быстах хомуурга сыһыаннаах ыйытыылар киирэ тураллар. Өскөтүн киһи соҕотох эппэкиин буоллаҕына, ыҥырыллыбат. Ол эрээри докумуоҥҥун байаҥкамаакка аҕалыахтааххын.

Мария Иванова, тыа сирин олохтооҕо: Үс оҕолоохпун, кэргэммин быстах хомуурга илдьибиттэрэ. Дэриэбинэҕэ олоробут. Мууспутун эҥин ыларга ким эмэ көмөлөһүөн сөп дуу?

А.Николаев:  Дэриэбинэҕэ да, ханна да олороргутуттан тутулуга суох муниципалитеттар көмөлөһүөхтээхтэр. Үс оҕолоохторго сыһыаннаан Оборуона министиэристибэтэ  ыҥырыллыахтара суоҕа диэбитэ. Ол эрээри байыаннай чаастарга хайыы-үйэ тиийэ сылдьар, үс оҕолоох дьон боппуруоһугар туһааннаах быһаарыы тахсарын кэтэһэбит. Уопсайынан, бу быстах хомуур кэмигэр ыҥырыллыбыт киһи дьиэ кэргэнигэр кыһамньы хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүһүрүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: