Быстах хомуурунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 10 тыһ. кэриҥэ сурук киирдэ

Быстах хомуурунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 10 тыһ. кэриҥэ сурук киирдэ

Ааптар:
07.10.2022, 11:21
Бөлөххө киир:

Туһаайыы улахан аҥаара (8,5 тыһыынча) 122 быһа линияҕа киирбит. Социальнай ситиминэн уонна хардарыта сибээс платформатынан (Госуслуги) 800 тахса туһаайы, суругунан 200-тэн тахса этии киирбит.  Үгүс дьон сэҥээрэр ыйытыыларыгар хоруйу Telegram @Yakutia_mobiliZacia_bot чат-ботка ылыахха сөп. Онно 21 тыһыынчаттан тасха туһаайыы киирбит, ситим өрүү саҥардыллар уонна суолталаах иһитиннэриилээх.

Саха сирин олохтоохторо быстах хомуурга хабыллар дьон, байыаннай комиссариаттар үлэлэрин уонна хомуурга ыҥырыллар ирдэбил туһунан боппуруостары быһаарары көрдөһөллөр.

Салгыы хомуурга хапсыбыттарга көрүллэр төлөбүр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэргэ сыһыаннааҕы ыйыталлар. Санатан эттэххэ, СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан өйөбүл миэрэлэр – дьиэ кэргэҥҥэ 200 тыһ. солк. суумалаах төлөбүр, уһуйааҥҥа оҕону босхо сырытыннарыы уонна 5-11 кылаас үөрэнээччилэрин босхо аһатыы, 6-18 саастаах оҕолорго путевка, үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр тус сыаллаах үөрэтии, үрдэтиллибит истипиэндьийэ итиэннэ саллаат төрөппүттэрэ санаторийга-курортка эмтэниилэрэ киирэр. Сайабылыанньаны алтынньы 5 күнүттэн e-yakutia.ru порталга уонна МФЦ офистарыгар ылаллар.

Быстах хомуурунан колл-киин салайаччыта Мария Винокурова: “122 нүөмэринэн колл-киин суукканы эргиччи үлэлиир, оператордар бэйэлэрэ эрийэн кэлбит дьону эрэ кытта кэпсэтиинэн муҥурдаммакка, сиһилии хоруйу биэрэр туһугар олохтоохторго хардары сибээскэ тахсыахтарын сөп. Telegram @Yakutia_mobiliZacia_bot мессенджерынан чат-бот үлэлиир. Дьон төлөпүөннүүрэ аҕыйаата, нэһилиэнньэ истэ-билэ олорор, онон ылыллыбыт миэрэлэр туһалаатылар”, — диэн бэлиэтиир. Үлэ салҕанар.

Хаартыска: https://www.1gkb.ru/news/189361/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: