Быстах кэмҥэ «Хатас» айан суолунан сырыы сабылынна
15.07.2024, 15:11
Хаартыска Саха сирин суолун салалтатыттан
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ Саха сирин киин улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка күүстээх тыаллаах дохсун ардах түһэн тутуулары, баҕаналары, суолу-ииһи алдьатта.
Бүгүн, от ыйын 15 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэстээҕэр «Хатас» айан суолун 14+410 — км 20+470 км учаастактарыгар тырааныспар бары көрүҥэр сырыы сабылынна. Бу туһунан Саха сирин айан суоллара тэрилтэ иһитиннэрэр.
Ардах уута суолу тоҕо түһэн алдьаппытынан сибээстээн, дьон олоҕун-дьаһаҕын, доруобуйатын харыстыыр, ону тэҥэ куттала суох сырыыны хааччыйар сыалтан Саха сирин суолун управлениета маннык хааччахтыыр дьаһалы ылынна.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: