Бу күннэргэ “Саха” НКИХ “Быстыбат ситим” сэрийээлэ көстөн ортолоон эрэр. Бэрт элбэх көрөөччү сэҥээрдэ, социальнай ситимнэргэ ырытыы элбэх. Уопсайынан, үс сыл анараа өттүгэр Саха сиринээҕи национальнай тэлэбиидэнньэ туспа бу хайысханан дьарыктанар салаа тэринэн, элбэх сиэрийэлээх саҥаттан саҥа киинэлэри оҥорон барбытыттан ыла “сахалыы сэрийээл” диэн көстүү лаппа сайынна. Отучча сыл анараа өттүгэр “Изаура”, “Санта Барбара” курдук уһун киинэлэр күөх экрантан дьиэлэрбитигэр киириэхтэриттэн ыла сэрийээл диэн ааттанар аныгы аралдьытар эйгэ бородууксуйата элбэх көрөөччү сүрэҕин сүүйбүтэ. Дьэ, уонна уонунан сыллар тухары Бразилия, Мексика, кэнники Арассыыйа дьонун олоҕун туһунан сэрийээллэри көрөн баран, аны киэһэ аайы бэйэбит дьоммут олоҕун кэпсиир «сэһэннэри» көрөр буоллубут.
Бу сэрийээли көрбөт дьоҥҥо кылгас ис хоһоонун хайдах өйдөөбүппүнэн кэпсиим. Надя уонна Иванна диэн биир кылааска үөрэммит кыргыттар улаатан баран көрсөллөр, урукку сыһыаннара билиҥҥи олохторугар улахан сабыдыаллаах буолар. Иванна оскуолаҕа сылдьан кылаас бастыҥ кыыһа, оттон Надя биллибэт-көстүбэт “орто оҕо”. Биир уолу “былдьаһан” Иванна Надяҕа өстүйэр, кылааһы барытын кини утары туруорар. Иванна былдьаһыктаах уолга ойох тахсар, Надя көһөн барар. Билиҥҥи кэмҥэ отуттарыттан ааспыт дьахталлар көрсүһэ түһэллэр – Надя ситиһиилээх куорат дьахтара, Иванна эрэ иһэриттэн сылайан, дэриэбинэттэн оҕолорунаан көһөн кэлбит муор-туор соҕус дьылҕалаах. Надя олорор дьиэтигэр кыбартыыра куортамнаабыт буолар. Онтон сылтаан араас алтыһыылар үөскүүллэр – оҕолоро бэйэ бэйэлэрин кытта тапсыбаттар, оттон Иванна чугастааҕы кэрэ буолуу солуонугар үлэлии киирэн, Надя баттаҕын оҥорор буолар… Ити быыһыгар икки дьиэ кэргэн иһигэр сыһыан, эрдэҕэс оҕолор (подросток) улаатыыларын кыһалҕата, туспа олорор саастаах ийэни кытта сыһыан кэпсэнэр.
Тус бэйэм өр кэм устата сахалыы сэрийээллэри соччо көрбөтөх буоламмын, бу айымньы холобуругар аҕыйах сыл иһигэр көрүҥ быһыытынан бу хайысха биллэрдик сайдыбытын, тупсубутун бэлиэтии көрдүм. “Ыаллыылар”, “Олох түгэннэрэ” курдук “культовай” статустаах сэрийээллэр бэйэлэрин кэмнэригэр көрөөччү улахан биһирэбилин ылбыттара эрээри, бүгүҥҥү күнтэн көрдөххө, тиэхиньиичэскэй толоруу өттүгэр итэҕэстэрэ элбэх буоллаҕа. Оттон саҥа кэм киинэтэ ол кэмтэн сатабыл элбээбитин, тиэхиньикэ сайдыбытын дьэҥкэ көрдөрөр. Оруолларга киинэҕэ эрдэ көрбөтөх артыыстарым оонньууллар, ол эрэн, сүрүн оруоллары оонньуур артыыстар, ыал оҕолорун оонньуур кыргыттар, уолаттар бэрт үрдүк таһымнаах үлэни көрдөрөллөр. Манна туруорааччы режиссер Иван Никифоров улахан өҥөлөөх буолуон сөп – идэтийбэтэх артыыстары кытта үлэҕэ режиссер туруорар дьоҕура сүдү суолталаах. Үксүн дьиэ иһигэр уһуллубут. Кыараҕас сиргэ көрөөччүнү сылаппакка устуу туспа талааны ирдиир, онон туруорааччы операторы, Гаврил Дьячковы, эмиэ хайҕыахха эрэ сөп. Уопсайынан, хатылаан эттэххэ – “Саха” НКИХ туспа бу эрэ хайысханан дьарыктанар анал сулууспа тэрийбитэ сөптөөх туттунуу буолбут. Тугу оҥорорун эрдэттэн былааннаан хамаанда үлэлиирэ харахха быраҕыллар.
Ханнык баҕарар үлэ сөптөөхтүк төрүттэннэҕинэ эрэ ситиһиилээхтик барар, түмүктэнэр. Оттон ханнык баҕарар киинэ төрүтэ – сценарий. “Быстыбат ситим” ааптарын Октябрина Шестакованы көрөөччүлэр икки сыл анараа өттүгэр көстүбүт “Дьоллоох буолуох” кэмиэдьийэ сэрийээлинэн билэр буолуохтаахтар. Эдэр ыал туһунан көрдөөх-нардаах түгэннэртэн таҥыллыбыт, ордук ыччакка туһаайыллан оҥоһуллубут этэ. Бу сырыыга ааптар дыраама жанрыгар холонуутун тус бэйэм бэрт үрдүктүк сыаналыы көрдүм. Бу айымньы хайдах суруллубутун, ис хоһоонун сорох уратыларын туһунан ааптартан туоһуластым.
– Бэйэм “Саха” НКИХ сэрийээл сулууспатын хамнастаах үлэһитэбин, ол аата, анаан-минээн дьарыктанабын. Үлэ саҕаланыыта араастаах буолар. Сороҕор “маннык сүнньүлээх айымньы оҥоруохтаахпыт” диэн хампаанньа сакаас түһэрэр. Оччоҕуна бэриллибит олуктарга олоҕуран синопсис (айымньы кылгас ис хоһооно) суруйан аҕалабын, сөбүлээтэхтэринэ ымпыктаан-чымпыктаан үлэлээн барабын. Оттон “Быстыбат ситим” бэйэм киллэрбит этиим, салалта биһирээбитэ, онон олоччу бэйэм бачыымым, бэйэм айымньым. Хайдах айбыккыный диэ? Тулалыыр эйгэбитигэр олоххо баар түбэлтэлэри түмэн, сааһылаан, биир сэһэҥҥэ уктахха, хайдах сайдыа этэй диэн суруйбутум. Итиннэ кэпсэнэр барыта олоххо баар түгэннэр. Оҕо сылдьан аһары киэбирбит барахсаттар улаатан баран улахан ситиһиилэрэ суох буолбуттара, эбэтэр төттөрүтүн, киһи хараҕа хатаммат баара-суоҕа биллибэт кылааһынньык эмискэ кимнээҕэр ордук тупсара олоххо баар суол. Дьону долгутар, кэпсэтиилэригэр ырытар кыһалҕалаах түгэннэри истэ сылдьан сүрүн дьоруойдар быһыыларын-майгыларын, дьылҕаларын таҥан таһаарбытым.
– Анаан-минээн “дыраамаҕа көһөр эбиппин” диэн санаа суоҕа – идэтийбит үлэһит буоллаҕым дии. Ол эрэн, уопсай чинчийии, рейтинг көрдөрүүлэрэ барыта биһиги туһаайар көрөөччүбүт арыый боччумнаах, дириҥ ис хоһоонноох сэһэннээһини ордороллорун билэбит. Уонна биһиги национальнай хампаанньа буоларбыт быһыытынан, дьону толкуйдатар, олоххо баар кыһалҕалары таарыйар аналлаахпыт. Ол иһин дьон психологиятын чинчийэр, сорох бөрүкүтэ суох туттууну туораттан көрдөрөн толкуйдатар айымньылары көрдөрөр соруктаахпыт. Холобур, “Быстыбат ситимҥэ” уопсастыбаҕа баар хас даҕаны көстүү хоһуйуллар. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыан, оҕо улаатыытыгар төрөппүт болҕомтото, иһэр адьынаттаах киһи майгыта, саастаах төрөппүттэри өйдөөһүн, ыаллыы олорор дьону кытта алтыһыы уонна да атын киһи барыта күн аайы көрсөр тургутуулара. Билигин киинэ ортотугар кэлэн турар, сотору таайтарыылаах түгэннэрэ арыллан барыахтара. Жанр ирдэбилинэн кыра таайыы элэмиэннэрэ бааллар, дьон сабаҕалааһын бөҕөтүн оҥорбут, таайбыт киһи аҕыйах курдук.
– Сценарист барыта кэриэтэ режиссер кини айымньытын хайдах экраҥҥа таһаарбытын көрө олорон “тырыттан” ылара буолуо. “Бу киириэхтээх этэ, итиннэ атыннык саҥарыахтаах этэ” диэн аанньа көрбөккө итэҕэстэри хостуу олороҕун. Дьиҥэр, эдэр режиссербут Иван Никифоров бэрт саталлаахтык устубут, экраны кытта “этиһэн” баран иккистээн наҕыллык көрөөөччүбүн, кырдьык, сатаабыт. Уустуктара сакаас ирдэбиллэриттэн тахсаллар. Холобур, бу “кыһыҥҥы” сэрийээл. Ол аата, үксүн дьиэҕэ уһуллар, олоххо даҕаны саха дьоно кыһын дьиэ иһиттэн тахсаллара ахсааннаах буолар дии. Оттон суруйарга локация аҕыйаҕа, “сыана” кыараҕаһа улаханнык атахтыыр, тыынар-тэнийэр кыах биэрбэт. Онон дьон сыһыанын үөрэтиигэ, дириҥэтиигэ кыһалла сатаатым. Уонна бэриллибит хронометраж иһигэр киирии эмиэ туспа ирдэбил, чэ, итини уустугунан ааҕар сыыһа буолуо, көннөрү үлэ ирдэбилэ.
– Сотору өссө биир айымньым экраҥҥа тахсыахтаах, “Олох оҥочото” диэн ааттанан сытар. Ис хоһоонун кэпсээбэппин, 16 сиэрийэлээх дыраама диэн эрэ этиим. Өссө биир айымньыны билигин суруйа сылдьабын, биир үлэни бүтэрээт атыны тута толкуйдаан барааччыбын. Айар үлэ оннук буоллаҕа – куруутун сэһэн ситимин таҥа, дьоруойдар уобарастарын тулалыыр дьонтон көрөн ыпсара сылдьаҕын. Бэйэм өр кэм устата айар үлэттэн тэйиччи идэнэн дьарыктана сылдьыбытым. Онтон оҕолонон уоппускаттан үлэҕэ төннөрбөр ол дьарыкка сүрэҕим сыппатын өйдөөбүтүм. Хата, мин дьолбор, хампаанньабытыгар сэрийээлинэн дьарыктанар саҥа сулууспа арыллыбыт эбит, “онно үлэлиэҥ дуо?” диэн ыҥырбыттарыгар үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Сулууспабыт сүрүн продюсера Марфа Пермякова өйөөн, үөрэтэн-такайан, таптыыр саҥа идэлэммитим. Хамнас ылар үлэҕин сөбүлүүр улахан дьол буоллаҕа. Өссө даҕаны элбэх үлэм экраҥҥа тахсар ини диэн эрэнэ саныыбын.
Хаартыскалар Октябрина ШЕСТАКОВА архыыбыттан.
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…