Бытархай сүбэлэр: Холодильник алдьаннаҕына

Бытархай сүбэлэр: Холодильник алдьаннаҕына

Ааптар:
23.09.2024, 18:55
Хаартыска Ил Дархан пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Уот эрэ бардар эбэтэр холодильникпыт моһуогурдар, ууран турар аспытын-үөлбүтүн хайдах дьаһайыахпытын билбэппит. Тоҥоруллара сатаммат, оттон дьиэ иһинээҕи сылааска түргэнник буорту буолар бородууктаны аҕыйах хонукка хайдах харайыахха сөбүй? Онуоха маннык албастар бааллар.

Эт уонна балык

* Уксуустаах уунан сиигирдиллибит болотуна таҥаска суулаан уурдахха, сиикэй, ыыһаммыт, хатарыллыбыт эт уонна балык икки суукка устата хаачыстыбаларын сүтэрбэттэр.
* Сыаҕа ыһаарыламмыт туустаах эт сылааһы хас да хонукка тулуйар.
* Лимон сүмэһининэн сотон, сөрүүн сиргэ уурдахха эт буортуйбат.

Ынах арыыта

* 100 грамынан быһыллыбыт арыыны пергамент кумааҕыга суулаан, туустаах ууга уган баран хаппахтаан кэбистэххэ, балачча өр кэмҥэ аһыйбат, ууллубат.

Халбаһыы

* Таһын тууһунан аҕаатахха, түүнүк үөскээбэт.
* Быһыллыбыт сиринэн сыанан соттоххо, өр кэмҥэ хаппат.

Сымыыт

* Пергамент кумааҕыга сууланыан иннинэ арыынан сотуллубут сымыыт хараҥа уонна салгыннаах сиргэ туох да буолбат.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: