Атырдьах ыйын 29 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы Василий Филиппов уонна үөрэҕирии салалтатын сүрүн исписэлииһэ Николай Тарасов Бүтэйдээх нэһилиэгэр К.О. Гаврилов аатынан орто оскуола өрөмүөнүн хаамыытын билистилэр.
Оробуочай бөлөҕү нэһилиэк баһылыга Айаан Чичахов уонна оскуола дириэктэрэ Михаил Нестеров көрүстүлэр.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Оскуола өрөмүөнэ бүтэн, силигэ ситэн үөрэх дьылыгар бэлэм буолбут. Ол туһунан оскуола дириэктэрэ Михаил Нестеров санаатын үллэстэр:
— Бу дьыл ыам ыйын 15 күнүттэн саҕалаан национальнай федеральнай бырайыак чэрчитинэн биһиги оскуолабытыгар улахан өрөмүөн үлэтэ барда. Түннүктэрбит, муосталарбыт, ааннарбыт, фасадпыт, сарайбыт төрдүттэн уларыйда, саҥардылынна. Бу үлэни барытын Руслан Трофимов салайааччылаах «Стройкомплекс Сервис» бэдэрээтчит тэрилтэ бэрт кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык толордо. Оскуолабыт саҥалыы тыыннанан оҕолору көрсөргө бэлэм.
Михаил Нестеров этэринэн, оскуола быйыл «Модернизация школьных и образовательных учреждений» федеральнай бырагыраамаҕа хапсан аныгы оборудованиенан, миэбэлинэн толору хааччыллан үөрүүтэ үрдүк. Ол курдук интерактивнай дуосканан, бүтэһик модель компьютердарынан, видеонаблюдение камераларынан уо.д.а. хааччылыннылар.
Өскөтүн урут бу иннинэ муоста көннөрү мас эбит буоллаҕына, быйыл керамогранит буолла. Аны аҕыйах күнүнэн оҕолор үөрэ-көтө сырдык оскуола боруогун атыллыахтара.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…