Бүтэйдээххэ — ыччат десана
04.03.2024, 22:03
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгэр ыччат десана үлэлээтэ.
Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара,
Федот Сергеев бэрэссэдээтэллээх «Зема» түмсүү уон тоҕус ыччата төрөөбүт дойдуларыгар тахсан тимуровскай үлэни ыыттылар диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Устудьуоннар оҕо-аймах оонньуур, сынньанар былаһааккатын ыраастаатылар, нэһилиэк аҕам саастаах олохтоохторугар Тамара Еремеевна Стручковаҕа, Домна Семеновна Саввинаҕа күүс-көмө буолан дьиэ ис-тас үлэтин кыайа-хото туттулар.
Ону тэҥэ, К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр профориентационнай коммунарскай түмсүү тэрийэн ыыттылар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: