Сэтинньи 14 күнүгэр Сочи куорат Сириус федеральнай территориятыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр пуондалара Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин уонна Арассыыйа успуордун министиэристибэтин кытта “Аҕа дойду көмүскээччилэрин Кубогын” ыыттылар. Үс күн устата дойду 62 эрэгийиэниттэн 200-тэн тахса байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ олорон эрэн волейболга, буулдьанан ытыыга, ох саанан ытыыга, остуол тиэнниһигэр, пауэрлифтиҥҥэ уонна армрестлиҥҥэ күрэхтэстилэр.
“Аҕа дойду көмүскээччилэрин кубога” – байыаннай дьайыыга кыттыбыт доруобуйаларынан хааччахтаах бэтэрээннэрин ортолоругар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы спортивнай чөмпүйэнээт буолар. Бу тэрээһин бэтэрээннэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр уонна паралимпийскай хамсааһыҥҥа сыһыарар сыаллаах ыытыллар. Быйыл биэс эрэгийиэн икки ардыларынааҕы «Аҕа дойду көмүскээччилэрин кубога» ыытылынна: Кузбасска, Башкортостанҥа, Калуга уобалаһыгар, Хабаровскай уонна Ставропольскай кыраайдарга. Бу күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт хас биирдии федеральнай уокуруктан бэтэрээннэр кэлэн, түмүктүүр чөмпүйэнээккэ кытыннылар.
Саха сириттэн бу күрэххэ байыаннай дьайыы үс бэтэрээнэ: Игорь Марсунов (оҕунан ытыы), Алексей Антипин (армрестлинг) уонна Артем Чкиря (армрестлинг) кытынна. Кинилэр IV «Аҕа дойду көмүскээччилэрин Кубога» Уһук Илиҥҥи уокурук призердарынан буоллулар.
Кытаанах киирсии уонна кыайыыга дьулууру көрдөрүү түмүгэр Алексей Антипин армрестлиҥҥэ (75 кг диэри олорон эрэн киирсиигэ, хаҥас илиигэ) 3-с миэстэни ылан, призер буолла. Оттон икки спортсмеммыт – Игорь Марсунов уонна Артем Чкиря биэс бастыҥ иһигэр киирдилэр.
Бүгүн спортсменнар Дьокуускай куоракка көтөн кэлэн, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар суруналыыстары кытары көрүстүлэр.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» Бүтүн Арассыыйатааҕы кубоктарын чэрчитинэн ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ кыттааччылар күрэхтэһии туһунан санааларын уонна маннык көрүҥнээх тэрээһин Арассыыйаҕа адаптивнай успуорт сайдыытыгар суолталааҕын үллэһиннилэр.
Пресс-кэмпириэнсийэни «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Алексей Александров иилээн-саҕалаан ыытта.
«Бастакы түһүмэххэ Хабаровскай кыраайга уон байыаннай дьайыы бэтэрээнэ кыттыбыта. Онно бу үс уол призер буолбуттара. Онон сэтинньи 14-17 күннэригэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэрин кубогар баран кытыннылар. Уопсай түмүгүнэн уолаттарбыт үһүөн биэс бастыҥ иһигэр киирдилэр, бу улахан ситиһии буолар», — диэтэ Алексей Александров.
СӨ Адаптивнай успуорт киинин дириэктэрэ Ньургун Иванов Кубокка кыттар спортсменнар бэлэмнэниилэрин, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар адаптивнай успуорду сайыннарыы уонна доруобуйаларынан хааччахтаах анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин успуорка сыһыарыы, өйөөһүн туһунан кэпсээтэ.
«Биһиги сыалбыт-сорукпут – байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин успуордунан дьарыктаналларыгар усулуобуйаны тэрийии, кинилэри сыһыарыы, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһүү буолар. Бэйэлэрэ талан ылбыт көрүҥнэринэн дьарыктанан олоххо оннуларын булалларыгар көмө-тирэх буолуохтаахпыт. Биһиги Уһук Илин уокурук ааттыттан тиийэн кытынныбыт», — диэн кини кэпсээтэ.
Алексей Антипин бэйэм көрдөрүүбүн аһара астымматым, улахан дьарыгым суох этэ, кэлэр өттүгэр күүскэ ылсан дьарыктаныам диэн санаатын үллэһиннэ.
«Мин Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин, байыаннай дьайыыга сылдьан атахпын эчэппитим, өр эмтэммитим. Бастаан маастар-кылаас ыыппыттара, онно сылдьыбытым, быйыл сааскыттан ох саанан ытыыга дьарыктанан эрэбин. Сүүмэрдээһини ааһан, быйыл байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ортотугар эрэгийиэннээҕи күрэххэ олорон эрэн волейболга холонон көрбүтүм. Бастакы күрэхтэһиилэргэ ох саанан ытыыга эрэ буолбакка, хары баттаһыытыгар эмиэ ситиһиилэнним. Утарылаһааччыларм олус күүстээх этилэр. Мантан инньэ анаан дьарыктаныам», — диэтэ Алексей Антипин.
Кубок өссө биир кыттыылааҕа Артем Чкиря күрэхтэһиигэ кытыбыппыттан астынным. Ол эрээри күүскэ дьарыктаммаккабын диэн хомойдум диэн эттэ.
«Олус үчүгэй тэрээһиҥҥэ кытынныбыт. Онно тиийэн байыаннай дьайыыга бииргэ сылдьыбыт уолаттарбын көрүстүм. Бэйэ-бэйэбитин тыыннаахпытын көрсөн үөрдүбүт. Сыралаһан туран бэлэмнэммэтэҕим уонна миэстэлэһиэм диэн эрэммэтэҕим. Утарылаһааччыларым олус күүстээх этилэр, дойду чөмпүйүөннэрэ кытары бааллара, ол эрээри бэһис миэстэни ылан барын хомойо быһыытыйбытым. Оттон билигин Арассыыйа үрдүнэн бэһис буолбуппуттан астынным. Өссө да барыта иннибэр, успуордунан күүскэ дьарыктаныам. Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин успуордунан дьарыктанарга ыҥырабын», -диэтэ Артем Чкиря.
Кыттааччылар бары «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» кубоктара доруобуйаларынан хааччахтаах байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ уонна социальнай адаптацияларын көҕүлүүр улахан суолталаах тэрээһин буоларын эттилэр. Итиэннэ уопсастыбаҕа көхтөөх буоларга уонна патриотизм тыынын бөҕөргөтөргө маннык хамсааһыннары өйүүр наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…