РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу тэрийэн ыытта.
Манна Саха сирин «Навахту.рф» бырайыага «Лучшие практики взаимодействия с работодателем, образовательными организациями и центрами занятости населения» номинацияҕа иккис миэстэни ылары ситистэ.
«Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ 73 субъектан 1000 кэриҥэ киһи кытынна. Түмүккэ бириистээх миэстэлэри ыллыбыт. «Навахту.рф» бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска үлэҕэ ыларга туруорбут соругунан ыытыллар. Бырайыак Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн көдьүүстээҕин уонна ирдэбиллээҕин өссө төгүл бигэргэттэ. Бу нэһилиэнньэни Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа тардарга дьоһун, суолталаах бырайыак», — диэн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков эттэ.
Санатан эттэххэ, эрэгийиэҥҥэ Навахту.рф бырайыак саҕаланыаҕыттан, бырамыысыланнас хайысхатыгар Саха сирин 1400-тэн тахса олохтооҕо үлэнэн хааччыллыбыт.
Бырайыак 2020 сыл сэтинньи ыйтан Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан саҕаламмыта. Бырайыагынан учуокка турар үлэтэ суохтар үлэ миэстэлэнэллэр, үрдүк хамнастаах дуоһунаска көһүөхтэрин баҕалаахтар эмиэ булаллар. Маныаха үлэ миэстэтин көрдөөһүн, докумуоннары бэлэмнээһин, хаттаан үөрэтии босхо уонна ыраахтан олорон үөрэниэххэ эмиэ сөп.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыска: СИА
Бэс ыйын саҕаланыытыгар саха ыаллара сайылыкка тахсаллар. Титииктэр тиэргэннэригэр түптэ буруота унаарар, маныыһыт сайдыыра иһиллэр,…
Ыам ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Саха сирин урбаанньыттарын идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 130 тыһ.…
Мииринэй оройуонугар Таас Үрэххэ ыам ыйын 27 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын…
Саха сирин сүрүн өрүстэригэр хара уу кэлиитэ салҕанар. Тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ уонна гидрометеорологияҕа Саха…
Сергей Местников Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕар, тутуу үлэтин барытын бэлэмнэнэр бөлөхтөр…
Дьокуускайга 2 №-дээх полиция отделыгар Ойуунускай уулуссатыгар баар маҕаһыын администрациятыттан үс паара атах таҥаһын уоруллубутун…