Салгыы
Бүтүн Арассыыйатааҕы XXVI Шукшинскай киинэ бэстибээлигэр Николай Корякин «Тимир» киинэтэ ситиһиилэннэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы XXVI Шукшинскай киинэ бэстибээлигэр Николай Корякин «Тимир» киинэтэ ситиһиилэннэ

30.07.2024, 11:49
Хаартысканы "Тимир" киинэни устубут бөлөх тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

От ыйын 27 күнүгэр Алтаай кыраайыгар Пикет хайаҕа Сростки сэлиэнньэҕэ “Шукшинские дни на Алтае” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл түмүктүүр бырагырааматын чэрчитинэн киинэ бэстибээлин кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр.

Жюри үс куонкурус бырагырааматынан лауреаттары ааттаата.

Толору метражтаах киинэлэргэ бастыҥ режиссерунан  Наур Гармелия (“Последняя цена” киинэ) ааттанна. Бу киинэ оператора Дмитрий Знаменщиков бастыҥ оператор бирииһин тутта.

Эр киһи оруолун үчүгэйдик толорбут артыыһынан Олег Гаркуша буолла (“Длительные свидания” киинэҕэ аҕа оруола). Актриса Анна Шепелева “Край надломленной луны” киинэҕэ дьахтар оруолун бастыҥ толорооччунан ааттанна.

Бастыҥ сценарий бирииһин Владимир Алеников тутта (“Мятежники” кинэ).

“Бастыҥ продюсерскай үлэ иһин” бирииһи — продюсердар Павел Буря, Алексей Казаков, Мурад Османн, Илья Стюарт уонна со-продюсер Елизавете Чаленко  “Бешенство” киинэлэрин иһин туттулар.

Бастыҥ дебют бирииһэ икки режиссерга — Николай Корякиҥҥа (“Тимир” киинэ) уонна Денис Казанцевка (“Суворовец 1944”) бэрилиннэ.

Алтаай кыраайын губернаторын анал бирииһин “Командир” киинэ ылла, режиссердар — Тимур Хван уонна Александр Гурьянов.

2024 сылга толору метражтаах киинэлэргэ жюри быһаарыытынан Гран-При туттарыллыбата.

Кылгас метражтаах киинэлэргэ маннык наҕараадалар ананнылар:

“Үрдүк прфессионализмын иһин” – “Тридцать секунд” киинэ,  режиссёр Иван Соснин;

“Олоҕу Шукшинныы көрүү” – “Поле” киинэ, режиссёр Серафим Чихладзе;

“Аныгы сатира иһин” – “Зам” киинэ, режиссёр Александра Озерецкая;

“Худуоһунньук-туруорааччы” бастыҥ үлэтин иһин”  — “Увидимся на чистой поляне”, режиссёр Яна Ксенина.

Кылгас метражтаах киинэҕэ “Май нулевого” ( режиссёр Кирилл Султанов) киинэ Гран-При аатын ылар чиэскэ тигистэ.

Шукшинскай киинэ бэстибээлгэ документальнай киинэлэр ортолоругар бириистэрин туттулар:

Кылгас метражтаах бастыҥ документальнай киинэлэр – “На границе”, режиссер Дарья Хренова уонна “Деревня, что живёт во мне”, режиссер Борис Спиридонов.

Бастыҥ операторскай үлэ – “Дед” киинэ, оператор Матвей Сидоров.

Анал бириистэргэ тигистилэр:

“За воплощение бойцовского духа героини фильма” – “Погружение” киинэ, режиссер Владимир Паршиков;

“Фронт олоҕун кырдьыктаахтык көрдөрүү” – “Крокодилы. Путь командира”, режиссер Алексей Лагерев

Владимир Эйснер “Безвременье. Фрески” киинэтэ документальнай киинэ бырагырааматыгар Гран-Прини ылла.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 60% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: