Салгыы
Бүтүн олоҕун анаабыта

Бүтүн олоҕун анаабыта

Ааптар:
13.10.2024, 17:00
ХААРТЫСКА САХАЛЫЫ ТЫЛЛААХ СУДААРЫСТЫБАННАЙ ХАҺЫАТ ТҮМЭЛИН АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Савва Константинович туһунан олус элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Кинини кытта биир кэмҥэ үлэлээбит дьон сыллата аҕыйаан иһэллэр. Мин кинилиин араас кэмҥэ алтыспытым. Өссө университет хаһыатын эрэдээктэринэн  үлэлиир кэммэр өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнинэн быыбарданан турардаахпын. Бырабылыанньа чилиэннэрин бэйэтин кэбиниэтигэр ыҥыран мунньахтыыр идэлээҕэ.

Олус судургу, көнө киһи этэ

Савва Константинович үрдүк дуоһунастаах киһи быһыытынан дьонтон уратытык туттубата. Бэйэтэ дороо­болоһон кэпсэтэрэ. Кэлин Суруналыыстар сойуустарыгар кэлбитим кэннэ үгүстүк көрсөр, кэпсэтэр этибит. Кини биэнсийэҕэ тахсан баран сотору-сотору Бэчээт дьиэтигэр кэлэрэ уонна хайаан да миэхэ киирэн ону-маны кэпсэтэн тахсара, ааспыты ахтара, араас боппуруо­һу хайдах туруоран быһааттарары сүбэлиирэ.

Урукку өттүгэр  ССРС Суруналыыстарын сойууһа суруналыыстары   «Москва» гостиницаҕа түһэрэрэ. Мин 1985 сыллаахха Москваҕа тиийэн «Москва» гостиницаҕа түһэн сарсыардаттан тэрилтэбэр сылдьан баран, сынньанаары кэлбитим, фо­­йеҕа биир бэркэ билэр киһим көстөр, чугаһаан кэлэн көрбүтүм, Савва Константинович эбит. Кырдьаҕаһым олус үөрдэ. Мин да олус соһуйдум уонна үөрдүм. Кинини манна эрэ көрсүөм дии санаабакка сылдьыбытым. Оҕонньорбун ыҥыран олорор нүөмэрбэр киллэрдим. Балайда олорон кэпсэттибит. Савва Константинович биэнсийэлээх буолан икки болдьоххо сытан сынньанарыгар путевка биэрбиттэрин кэпсээ­тэ, кэлбитэ биир ый буол­бут, Мытищи куоракка уолугар Владимирга баарын эттэ: «Кийиитим уонна сиэннэрим сыһыаннара олус үчүгэй. Ол эрэн дойдубун, дьоммун-сэр­гэбин суох­туубун, ахтабын. Уолум байыан­­най, онон командировкаҕа элбэхтик сылдьар.  Кийиитим олус үчүгэйдик сыһыаннаһар, аспын-таҥаспын көрөр, үтүө киһи.  Баҕар, кими эмит көрсүөм диэн бу киирэн олорбутум, хата эн түбэһэ кэллиҥ”, –  биллэ сэргэхсийэн, элбэҕи сэһэргэспиппит.

Савва Константинович мэлдьи дьиэтиттэн төлөпүөннүүрэ. Кэлэн бар, сонунна кэпсээр диирэ. Ардыгар дьиэтигэр сылдьарым, бэрт уһуннук олорон кэпсэтэрбит. Бэйэтин олоҕуттан  мин урут адьас истибэтэх түгэммин: бастакы кэргэнэ Мэҥэттэн төрүттээх, олус кырасыабай, ыраас дьахтар үһү. Оҕолоноору эрдэ өлөн хаалбытыттан олус хомойорун ахтан ааспыта… Хас да сыл соҕотоҕун сылдьан баран, бу оҕолорун ийэлэрин кэргэн ылбыт. Тамарата эмиэ ыарыһах эбит, онон уһуннук ыалдьан өлбүтүн кэпсээн турардаах.

Дириҥ ытыктабыл  бэлиэтэ

Савва Константинович 80 сааһын бэлиэтээһин буолла. Эрдэттэн кимнээҕи ыҥырарын бэйэтэ суруйда, ону ыҥырдым. Өссө төрөөбүт оро­йуонугар Бүлүүгэ суруйдубут. Оройуонтан уонна төрөөбүт нэһилиэгиттэн кэлэн кинини эҕэрдэлээн барбыттара. Томскай диэн эдэр киһи, араа­һа, Чочу олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, убайдарыгар биир убаһаны бэлэхтииллэрин туһунан докумуону туттарда.

Савва Константинович олус үөрдэ уонна долгуйда. Урут ССКП обкомун аппараатыгар үлэлээбит Антонина Михайловна Полякова бэтэрээннэр ааттарыттан олус долгуйан туран эҕэрдэлээтэ уонна Савва Константиновиһы киһи быһыытынан хайҕаата, олус кырасыабайын ахтан аһарда. Түмүгэр уураан ылла.

Кинини кытта «Кыым» хаһыакка бииргэ үлэлээбит Василий Васильевич Кириллин уонна Лука Гавриилович Колесов балайда үчүгэйдик билэр дьон быһыытынан бэрт дириҥник уонна киэҥник кэпсээн сырдаттылар. Киэһэ дьиэтигэр барарыгар мин «Волга» массыынаҕа олордон биэрдим. Онно массыынаҕа сатаан олорбокко биир туспа мучумаан буола сырытта. Атаҕын са­­таан уурбат, онон бэйэтэ сатаан олорбот. Ону эттим: «Савва Константинович, үйэҥ тухары массыынаҕа тиэл­либит бэйэҥ хайдах са­­таан олорбоккун?» Онуоха киһим этэр: «Ээ, киһи курдук эрдэхпинэ массыыналаах этим… Дьэ итинник, кырдьар диэн».

Бастакы  дэлэгээт

Арай биирдэ дьиэтигэр тиийбиппэр, 1958 сыллаахха Суруналыыстар сойуустара тэриллэригэр тыл эппит, от тексэ баар эрээри, бастакы лииһэ сүтэн хаалбыт. Көрдүү сатыырын кэпсээтэ, ону булан миэхэ биэрэн архыыпка уурдарыах буолла. Кырдьыга, ол этиитэ  көстөрө буоллар, наада буолуох этэ. Бастаан утаа хаһыат үлэһиттэрэ Сойууска киирбиттэр, онтон кэлин атын салаа үлэһиттэр киирэн барбыттара.

Савва Константинович өр сылларга өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыатын сала­йааччы уонна хас да төгүл Сойуус бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээн ааспыта. Кинини өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара ССРС Суруналыыстарын сойууһун сийиэһигэр дэлэгээт быһыытынан талан турардаахтар, кини Сойуус бырабылыанньатын састаабыгар талыллан ааспыта. Оччолорго өрөспүүбүлүкэттэн икки дэлэгээт, онтон кэлин үс дэлэгээт талыллара. Дэлэгээттэри ССКП обкома сыымайдыыра, онон дэлэгээт буолуу уустуга уонна  Сойуус сүүс  чилиэниттэн биир дэлэгээт талыллара. Өр сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Суруналыыстарын со­­йууһа үс сүүс иһинэн чилиэннээҕэ. Билигин тыһыынчаттан лаппа ордук буолан турар. Ахсаан элбэх. Ол быыһыгар икки сүүсчэ үлэлээбэт биэнси­йэлээх  баар.

Үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ

Савва Константинович эрэдээктэринэн үлэлиир кэмигэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин  Президиумун ыйааҕынан «Кыым» хаһыат Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу кэлэк­тиип үлэтин үрдүктэн үрдүктүк сыаналааһын буолар. Савва Константинович Саха АССР
уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ этэ. Кини аатын үйэтиитигэ туох да үлэ барбата, арай уола Владимир Саввич аҕата олорбут дьиэтигэр Дзержинскэй уулуссаҕа өйдөбүнньүк бэлиэтин оҥотторон дьиэ истиэнэтигэр сыһыарбыта.

Савва Константинович Томскай быйыл күһүн, ол аата алтынньы ый 3 күнүгэр, төрөөбүтэ 110 сыла туол­ла. Кини «Кыым» хаһыат эрэдээктэринэн үс төгүл эргиллэн ананан, 25 сылтан ордук салайбыта. Саха сирин устуору­йатыгар биир хаһыакка үтүө суобас­таахтык, ирдэбиллээхтик, нэһилиэнньэ ылынарын, өйдүүрүн курдук уһуннук эрэдээктэрдээбит ким да суох. Урут «Кыым» хаһыат саха ыалын бастыҥ доҕоро, сүбэһитэ, билиигэ-көрүүгэ сирдээччитэ этэ. Ол кэмҥэ «Кыым» хаһыат 60 тыһыынча эксэмпилээринэн бэчээттэнэн күннэтэ тарҕанара, хойутаабакка ааҕаччыларга тиийэрэ.

Саха судаарыстыбаннай университета суруналыыс­тары бэлэмниир буолуоҕуттан, эдэр суруналыыс ахсаа­на балайда элбээтэ. Ордук сахалыы тыллаах суруналыыс­тары манна бэлэмниир наадатын туһунан этэрин истэр этим. Суруналыыстыка отделениета арылларыгар Олег Дмитриевич Якимов уонна Филипп Гаврильевич Охлопков биллэр-көстөр оруоллаахтар, үгүс кэпсэтиини ыыппыттара, туруор­субуттара. Ити боппуруоска Савва Константинович халбаҥнаабакка кинилэри өйүүрэ, наадалаах түгэннэргэ тылын-өһүн тириэрдэрэ.

Судаарыстыбаннай  диэйэтэл

Савва Константинович олус судургу, көнө киһи этэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун киэҥ араҥатын дириҥ ытыктабылынан туһанара, улахан аптарытыат­тааҕа. Өрөспүүбүлүкэтэ чэлгийэ сайдарыгар күүһүн-күдэҕин, би­­лиитин-көрүүтүн ууран үлэлээбитэ, ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Кини хас эмит төгүл уобаластааҕы партийнай салалта састаабыгар талыллыбыта, өссө ССКП обкомун бюротун чилиэнигэр хандьытаат, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан алта төгүл быыбарданан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын үрдүк итэ­ҕэлинэн туһаммыта. Ийэ дойдутун үрдүкү наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ, ол курдук кини түөһүн икки «Бочуот Знага», Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар, мэтээллэр киэргэтэллэрэ. Ити барыта кини үтүө суобастаахтык, чиэһинэйдик, бэриниилээхтик үлэлээн ааспытын кэрэһилиир.

Савва Константинович төрөөбүтэ 110 сыла туоларынан өрөспүүбүлүкэ салалтата, парламена уонна төрөөбүт оро­йуона умнуллубат сонун дьаһаллары ылыналларыгар этиилээхпин.

Иван Борисов,

суруналыыстыка бэтэрээнэ, СӨ култууратын

үтүөлээх үлэһитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: