Быыбар кыайыылаахтара билиннилэр
Куоластааһын биир кэлим күнэ түмүктэннэ. Саха сиригэр Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокуругар норуот дьокутаатын, түөрт оройуон уонна Жатай бөһүөлэгин баһылыктарын, ону тэҥэ 36 нэһилиэк баһылыктарын, оройуон уонна бөһүөлэк муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын таллылар.
Оройуон баһылыктарынан буоллулар:
- Аллайыаха оройуона — Яков Гаврильевич Елисеев.
- Аллараа Халыма оройуона — Ярослав Алексеевич Бандеров.
- Өймөкөөн оройуона — Александр Савельевич Оконешников.
- Өлүөхүмэ оройуона — Николай Николаевич Харбин.
- «Жатай» куорат уокуруга — Евгения Николаевна Исаева.
Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокурукка норуот дьокутаатынан Евгений Михайлович Слепцов талылынна.
««Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан хандьыдааттар быыбарга кыайыыны ситистилэр. Быыбардааччылар итэҕэлин ылбыт хандьыдааттар бука бары күүскэ үлэлиэхтэрэ-хамсыахтара диэн эрэнэбин. Бары биир улахан хамаанданан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна олохтоохторун туһугар үлэлиэхпит!, – диэн Айсен Николаев ТГ-ханаалга биллэрдэ. Быыбар түмүгүн кытта Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйатын саайтыгар билсиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: