Быыбарга кыайбыт Дональд Трамп «көмүс үйэни» эрэннэрдэ

Быыбарга кыайбыт Дональд Трамп «көмүс үйэни» эрэннэрдэ

Ааптар:
07.11.2024, 08:00
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Дональд Трамп сэтинньи 6 күнүгэр Палм-Бич ыстаабын быыбардааччыларын иннигэр быыбарга кыайыытын туһунан уонна АХШ 47-с Бэрэсидьиэнэ буолбутунан  биллэрдэ.

АХШ өрөспүүбүлүкэтээҕи баартыйаттан АХШ Бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп Америкаҕа «көмүс үйэ» саҕаланарыгар эрэннэрбитин New York Post суруйар. Бэрэсидьиэн итини сэргэ дойду устуоруйатыгар Make America Great Again (MAGA) бэлитиичэскэй хамсааһын сүҥкэн суолталаммытын, ону кытта эрэннэрбит этиилэрин олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлиирин саҕалыырын ыйда.

Ону тэҥэ быыбарга кини кыайыыта хаттаан улуу дойду буоларын ситиһэри көмөлүөҕэ диэтэ. Трамп Америка норуотун туһугар бэйэтин кыайыыта олус суолталааҕын бэлиэтээтэ. Маны таһынан Трамп сэриилэри тохтотор туһугар үлэлиирин эрэннэрэн туран: «Мин сэриини тэрийбэппин. Мин сэриини тохтотор санаалаахпын», — диэн этиитин түмүктээтэ.

+1
21
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: