Салгыы
Быһа эпиир: Айсен Николаевка ыйытыы хайдах биэрэбит?

Быһа эпиир: Айсен Николаевка ыйытыы хайдах биэрэбит?

Ааптар:
22.04.2025, 15:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир лииньийэтин ыытар. Саха сирин олохтоохторо Айсен Николаевка ыйытыы биэриэхтэрин сөп.

Быһа эпиир өрөбүлгэ киэһэ 18 чаастан «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24», «Тэтим» араадьыйа, «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» уонна социальнай ситимнэринэн барыаҕа.

Ыйытыктары хомуйуу төгүрүк суукканы эргиччи ыытыллар: 8 (4112) 506-006, ону тэҥэ @voprosGlaveYakutii_bot telegram чат-бот нөҥүө.

Эпиир күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, ыйытыылары элбэх нүөмэрдээх 8 (4112) 32-01-11 төлөпүөнүнэн ылыахтара.

Бары сонуннар
Салгыы
22 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: