Быыһааччылар өрүскэ түспүт массыынаттан үс киһини быыһаатылар
СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрэ суһал-быыһыыр үлэлэрин кэмигэр алта киһини эвакуациялаабыттарын туһунан биэдэмистибэ телеграм-ханаала суруйар.
Ол курдук, олунньу 17 күнүгэр 09.17 чааска Быыһыыр сулууспаҕа Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай уонна Төхтүр икки ардынан үс киһилээх массыына тааҥҥа түспүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Манна тута быыһааччылар дьуһуурунай симиэнэтэ айаннаабыт.
«Быһылаан миэстэтигэр тиийэн, өрүс тааннаабыт учаастагар массыына түспүтүн көрбүппүт. Бу өрүһү туоруурга анамматах сиринэн буолар. Массыынаҕа баар дьон сатаан бэйэлэрэ тахсыбатахтар. Онон быыһааччылар кинилэри онтон таһааран, суһал-быыһыыр массыынанан Дьокуускайга эвакуациялаабыттара», — диэн дьуһуурунай симиэнэ старшай быыһааччыта Станислав Захаров иһитиннэрэр.
Итиэннэ 10.55 чааска Өймөкөөнтөн Дьокуускайга айаннаан эрэр массыына «Халыма» суолун 109-с килэмиэтиригэр кэлэн алдьаммытын, көмөҕө наадыйарын туһунан иһитиннэрии киирбит. Чурапчытааҕы филиал Тааттатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтэ үс киһини алдьаммыт массыынаттан Чурапчы сэлиэнньэтигэр эвакуациялаабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: