Быыһааччылар Халыма өрүскэ ууга түспүт киһи өлүгүн буллулар
СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара Халыма өрүскэ муус анныгар түспүт киһи өлүгүн буллулар. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ.
Көрдүүр-быыһыыр үлэлэр 11 күнү быһа ыытылыннылар. Быыһааччылар 4 тыһыынча кэриҥэ сиринэн мууһу алларан көрдүүр үлэни ыыттылар. Өрүс түгэҕэр үлэлиир анал камераны туһанан, муус анныгар балтараа килэмиэтир кэриҥэ сири чинчийдилэр. Бу иннинэ быыһааччылар икки снегоходу, сыарҕаны, сааны, үрүсээги, эмсэҕэлээбит дьон тус малларын булбуттара. Көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ 4 водолаз уонна Халыматааҕы быыһыыр-көрдүүр этэрээт 2 быыһааччыта үлэлээтилэр.
Санатан эттэххэ, алтынньы 28 күнүгэр Зырянкаттан 40 км сиргэ Халыма өрүскэ снегоходунан айаннаан испит икки киһи муус анныгар түспүттэрэ. Биир киһи бэйэтэ кытылга тахсан быыһанан, көмөнү ыҥырбыта. Алтынньы 31 күнүгэр Дьокуускайтан Быыһыыр сулууспа водолазтарын хамаандата тиийбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: