Быыһааччылар Кэбээйи улууһугар сүппүт дьиэ кэргэни көрдүү көттүлэр

Share

Бүгүн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, 16:00 чааска Дьокуускайтан “Полярные авиалинии” бөртөлүөтүнэн Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа бөлөҕө Кэбээйи улууһугар сүппүт дьиэ кэргэни көрдүү көттө.

Эрдэ этиллибитинэн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр Сэбээн Күөл сэлиэнньэтиттэн араҕан баран түөрт киһилээх дьиэ кэргэн сүттэ диэн иһитиннэрбиттэрэ.

Кэргэнниилэр 2012 уонна 2019 сылллаахха төрөөбүт оҕолорун илдьэ “Урал” массыынанан Сиэгэн Күөл сэлиэнньэтин туһаайыытынан барбыттар. Кинилэри Ньора өрүскэ билэр киһилэрэ көрсүөхтээх эбит. Эр киһи болдьоспут миэстэлэригэр тиийэн атырдьах ыйын 12 күнүгэр күүтэ сатаабыт да, кэлбэтэхтэр.

Уһун ардахтар түһэн, олохтоох өрүстэргэ уу таһыма тахсыбыт диэн этэллэр.

Атырдьах ыйын 12 күнүттэн сүппүт дьону аймахтара көрдөөн саҕалаабыттар. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспатын телеграм ханаалыгар суруйаллар.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

6 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

7 часов ago