Быыһааччылар муммут тэллэйдьиккэ көмөлөстүлэр

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр киэһэ хойут Ленскэйдээҕи быыһыыр-көрдүүр этэрээт быыһааччылара ойуурга муммут киһини буллулар.
Киин оройуоннарга номнуо халлаан тымныйбыт буоллаҕына, соҕуруулуу-арҕаа өссө даҕаны тэллэйдии сылдьаллар. Ол курдук 67 саастаах эр киһи бэлисипиэтинэн тэллэйдии барбыт. Биэдэрэтин толорон баран, бэлисипиэтин көрдүү барбыт, ол эрээри хас да чааһы быһа кыайан булбатах. Инньэ гынан мунан хаалбыт. Онон сибээс баар буолан көмө көрдөөбүт.
— Үс быыһааччы көрдүү барбыттара. Куораттан олох чугас, икки-үс килэмиэтирдээх сиргэ муммут. Тиийээт анал сигнальнай уонна аварийнай уоттары холбообуттарыгар, эр киһи ону истибит. Кини доруобуйата этэҥҥэ, быыһааччылар дьиэтигэр илдьэн биэрбиттэр — диэн Ленскэйдээҕи ПСО начаалынньыга Александр Саморцев кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: