Бэҕэһээ, от ыйын 27 күнүгэр, 19.50 ч СӨ Быыһыыр сулууспатыгар Тирэхтээх үрэҕи туораан иһэр «Урал»-вахтовка массыына ууга түспүтүн туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Сааһыыр сэлиэнньэтиттэн Уус Ньара бөһүөлэгэр айаннаан испит массыынаҕа 13 киһи, ол иһигэр алта оҕо баар эбит.
Бу туһанан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Массыынаҕа олорсон испит киһи кинилэр Саһыыртан 30 км сиргэ өрүс кытылыгар баалларын биллэрбит. Саһыыртан икки «Урал» массыына көмөҕө барбыт даҕаны, быһылаан тахсыбыт сиригэр кыайан тиийбэтэхтэр. Ол киэһэ СӨ Быыһыыр сулууспатын сайаапкатынан Орто Халыматтан «Полярные авиалинии» хампаанньа Ми-8 бөртөлүөт алта быһааччыны илдьэ көппүт.
Көмө кэлиэр диэри, ууга түспүт массыынанан айаннаан испит дьон, өрүс кытыытыгар уот оттон иттибиттэр. «Полярные авиалинии» хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтүн экипаһа, быыһааччылар уонна быһылааҥҥа түбэспит 13 киһи Муома улууһун Хонуутугар этэҥҥэ эргиллибиттэр. Хонууга тиийээттэрин кытары мэдиссиинэ үлэһиттэрэ быһылааҥҥа түбэспит дьон доруобуйаларын бэрэбиэркэлээбиттэр.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…