Быыһааччылар парашюта суох ыстанарга эрчиллэллэр

Share

Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин быыһааччылара уонна авиатордара бөртөлүөттэн парашюта суох түһүү үөрүйэхтэригэр эрчиллэллэр. 

Үөрүйэхтэргэ эрчиллээри, Дьокуускайдааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт исписэлиистэрин бөлөҕө Киллэм сэлиэнньэтигэр тиийдилэр диэн Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эрчиллии саҕаланыан иннинэ быыһааччылар инструктаһы аастылар, ыстанарга туттуллар тэриллэрин бэлэмнээтилэр уонна эрэллээх буолуутун бэрэбиэркэлээтилэр.

«Маннык эрчиллиилэр биһигини бөртөлүөт түһэр кыаҕа суох уустук сирдэригэр, эмсэҕэлээбиттэри быыһыыр үлэлэргэ бэлэмнииллэр. Бу эрчиллии кэмигэр хас биирдии быыһааччы уопсайа аҕыс төгүл бөртөлүөттэн түстэ,» — диэн Арассыыйа ЫБММ Дьокуускайдааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин начаалынньыгын солбуйааччы Евгений Золкин кэпсээтэ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Үс киһини сымыйанан регистрациялаабыттара биллибит

Хаҥалас улууһун полициятын үлэһиттэрэ рейдэ кэмигэр Покровскай куорат 51 саастаах олохтооҕо дьиэтигэр ыаллыы дойду үс…

14 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Сыдьаайалар” бэстибээлтэн кэллилэр

Алтынньы ыйга “Сыдьаайа” айар киинин үҥкүүһүттэрэ  ыраах Турция сиригэр тиийэн, аан дойдутааҕы бэстибээлгэ Арассыыйа аатыттан…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Артыыс Ефим Степанов үбүлүөйдээх күнүгэр “Мифология образа” кинигэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа

Сэтинньи 9 күнүгэр, киэһэ 17.00 чааска, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар Россия народнай артыыһа, ССРС,…

32 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Халыым

Былыр эр киһи ойох ыларыгар кыыс төрөппүттэригэр анаммыт баайы-дуолу кутан биэрэрэ. Курум -- уол уруу…

53 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ баһаар буолла

Дьокуускайга Халтурин уул. икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ баһаар буолла. Иһитиннэриллибитинэн уот дьиэ бастакы мэндиэмэнин хаппыт. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Университекка эдэр дьиэ кэргэттэргэ анаммыт хос аһылынна

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка эдэр төрөппүттэргэ, оҕолорго аналлаах хос аһылынна. Бу бырайыак "Росмолодежь" грантовай куонкуруһугар кыайбыта,…

1 час ago