Быыһааччылар суоппарга көмөлөстүлэр
Саха сирин Быыһыыр сулууспатын эспэдииссийэтэ “Куттала суох Арктика-2023” эрчиллии чэрчитинэн, Уус Ньараҕа тиийдилэр.
Аара баран иһэн, Өймөкөөн улууһун биир уустук тоҕойугар быыһааччылар суолга моһуогурбут улахан массыына суоппарыгар көмөлөспүттэр. Суол килэрийэн, халтараан буолан, аартыгы кыайан дабайбакка турар массыына айаннаан иһэр тимир көлөлөрү хаайбыт. Быыһааччы Сергей Молгаров “Камаз” массыынанан буксуйан турар таһаҕас тиэйэр улахан тимир көлөнү состорон аара баар тохтуур сиргэ илдьэн биэрбит.
“Куттала суох Арктика-2023” эрчиллии чэрчитинэн, быыһааччылар Таатта, Өймөкөөн, Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар сылдьан, нэһилиэнньэҕэ сэрэтии үлэтин ыыталлар, үөрэтэллэр. Ону тэҥэ, бу айаҥҥа “Профи-Макс” кутанан хаамар вездеходун тургутан көрүөхтэрэ уонна Халыма улууһугар баар быыһыыр этэрээккэ туттарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: