Быыһааччылар түөрт хонуктааҕыта Кэҥкэмэҕэ сүппүт дьахтары көрдүүллэр
02.08.2024, 08:00
Хаартыска: Быыһыыр сулууспаттан.
Бөлөххө киир:
От ыйын 29 күнүгэр түүн Нам улууһун Кэҥкэмэ сэлиэнньэтигэр 1974 с.т. дьахтар сүппүт. СӨ Быыһыыр сулууспатын аҕыс быыһааччыта бэҕэһээ кинини көрдүү айаннаабыттар.
Дьахтар Таҥхай диэн сиргэ оттуу сылдьан сүппүт.
«Сарсыарда уһуктан баран бииргэ үлэлиир дьоно дьахтар суоҕун бэлиэтээбиттэр. Бэйэлэрэ көрдүү сатаан баран булбатахтар», — диэн Быыһыыр сулууспаҕа иһитиннэрэллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
7
+1
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: