Быыһааччыттан — шахтаҕа

Быыһааччыттан — шахтаҕа

31.03.2022, 18:01
Бөлөххө киир:

Бу соторутааҕыта батсаап ситимигэр баахтанан үлэлии тиийбит саха уолаттарын видеота киэҥник тарҕаммыта. Кинилэр саха уолаттарын баахтаҕа чаҕыйбакка үлэлии кэлэргэ ыҥырбыттара.

Водолаз этим

Бүгүн биһиги бу видеону устубут, Навахту14 бырайыак нөҥүө Нерюнгригэ «Колмар” тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар Андрей Васильевтыын кэпсэттим.

Туох үөрэхтээх, идэлээх уол Нерюнгригэ тиийэн үлэлии сылдьаҕын?

– Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Мындаабатааҕы успуорт оскуоланы 2004 сыллаахха бүтэрбитим.
Оскуоланы бүтэрээт Бурятияҕа Улан Удэ куоракка аармыйаҕа сулууспалаан ытык иэспин төлөөн кэлбитим. 2007 сыллаахха Москватааҕы юридическай институкка (МИГУП) кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим уонна өрөспүүбүлүкэбит быыһыыр сулууспатыгар быыһааччы-водолаһынан үлэҕэ киирбитим. Дьэ, бу быыһыыр сулууспаҕа үлэлиир кэмнэрбэр Сахам сирин бары улуустарын кэрийбитим, көрбүтүм-истибитим. Үлэбит уйулҕа өттүнэн ыарахаттардаах, ууга түспүт, сүппүт дьону көрдөөн булар этибит. Ол курдук, ити сулууспаҕа 12 үлэлээбитим. Үһүс кылаастаах быыһааччы уонна үһүс разрядтаах водолаз буолбутум. Ити кэннэ Дьокуускайдааҕы пуорт баһаарынай сулууспатыгар үлэлээбитим.

Идэбин уларыппытым

Туох санааттан идэҕин уларытарга быһаарыммыккыный, быыһааччы үлэтин тоҕо хааллардыҥ?

– Мин бастаан саайтка НавахтуРФ14 көрөн тута сэҥээрбитим. Билиҥҥи бырамыысыланнас сайда турар үйэтигэр бу миэхэ ордук барсар эбит дии санаабытым Петр Чехордун бырайыагын. Наһаа үчүгэйдик сиһилии быһааран биэрбиттэрэ. Манна үс идэҕэ үөрэммитим: проходчик, 4-c разрядтаах хайа оробуочайа уонна 5-c разрядтаах хайа оробуочайа (горнорабочий очистного забоя). Манна уопутураары, элбэҕи билээри-көрөөрү, ыстаастана диэн кэлбитим. Инникитин былааным элбэх, ха­­йаҕа быыһааччы буо­луохпун баҕарабын. Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр баар идэ. Холобур, шахта иһигэр туох эрэ суһал быһыы-майгы тахсар түгэнигэр, шахта суулуннаҕына эҥин көмөҕө кэлэр. Мин 12 сыл быыһааччы ыстаастаах буоламмын, ханнык балаһыанньаҕа хайдах сөллүбэт быаны баайары эҥин үчүгэйдик билэбин. Урукку үлэм элбэххэ үөрэппит эбит. Киһи туохтан да иҥнэн-толлон туруо суох­таах диэн санаалаахпын. Билигин боруобалаабатахпына уонна хаһан диэн санааттан кэлбитим. Уопсайынан, санаан көрдөххө, уу анныгар үлэлээн баран аны сир анныгар үлэлии сылдьар эбиппин.

Ити устубут видеоҥ киэҥник тарҕанна. Туох санаалаах устан тарҕаттыҥ, сиилиир-хайҕыыр дьон элбэх.

– Бастакы видеобун тохсунньуга таһаарбытым. Саҥа үлэлии тиийээт устубутум. Видеону таһаарбыт сыалым-соругум – тыа сиригэр үлэтэ-хамнаһа суох эбэтэр куоракка, киин сирдэргэ ускул-тэскил сылдьар ыччат элбэх. Ардыгар ону көрөн киһи хараастар. Бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар хамнастаах үлэҕэ кимэн киирэн иһиэхтээхпит. Түгэнинэн туһанан, Навахту14 бырайыак салайааччыта Петр Чехордуҥҥа махталбын тиэр­диэм этэ. Кини саха ыччатыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар бырайыагынан үгүс киһи хамнастаах үлэлэннэ, инникигэ эрэллэннэ.

Видео бастаан тарҕаммытыгар хайгыыр, сиилиир дьон элбэх этэ. «Дьыбаан буойуттара» биһигини «тостон төттөрү кэлиэххит» диэбиттэрэ. Ол эрээри, биһиги чаҕыйбатыбыт, этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт. Манна саха уолаттара этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар. Атын омук кыайарын биһиги хайдах кыайыахпыт суоҕай? Барыта хара үлэ, ол эрээри, киһи үлэлиир үлэтэ. Шахта иһигэр, 150 миэтэрэ аллараа үлэлиибит. Шахтердары сэргэ хайа исписэлиистэрэ, комбайнердар, взрывниктар, суолу солооччулар бааллар. Манна уотунан уонна сэлээркэнэн айанныыр тиэхиньикэ элбэх. Үксүн германскай тиэхиньикэ саппаас чаас илдьэр-аҕалар, чох сүөкүүр. «Колмарга» уопсайа биэс шахта баар, мин “Восточная Денисовская” үлэлии сылдьабын. Хамнаспыт үрдүк, олорор усу­луобуйа барыта баар. Биһиги, сахалар, манна шахтаҕа былдьаһыкка сылдьабыт. Үлэбитин 100% толоробут.

“Бастакы хараҥаччыларбыт”

Олорор усулуобуйаҕыт туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

– Сахалар элбэхпит, бары улуустартан бааллар. Саамай сүрүнэ, эрэсиимҥэ кии­риэххэ наада, симиэнэнэн үлэлиибит. Холобур, биһиги шахтабыт бастакы симиэнэ буолар. Сарсыарда биэскэ туран суунан-тараанан остолобуойга барабыт. Аһылыкпыт босхо. Үлэлиир сирбитигэр 35 мүнүүтэ айанныыбыт. Оптуобуһунан үлэҕэ тиийэн баран, “алкорам” диэн аппарааты үрэн бэрэбиэркэни ааһабыт. Арыгы испит киһи тута биллэр, оннук киһини үлэтиттэн тута тохтотоллор. Маны сэргэ миэдик хааммыт баттааһынын кээмэй­диир. Үрдүк буоллаҕына, үлэҕэ таһаарбат. Шахтаҕа алта чаас үлэлиибит. Уопсайа, түөрт си­­миэнэ. Симиэнэбит кэнниттэн “Урал” массыына кэлэн барыбытын баанньык­ка илдьэр. Дьэ, ити кэнниттэн оптуобус Чульман, Нерюнгри, Серебрянай Бор, Беркакит ха­­йысхаларынан үлэһиттэри тарҕатар. Ити ил­­дьии-аҕалыы барыта босхо, тэрилтэ суотугар. Биһиги Чульмаҥҥа сахалар уопсайдарыгар олоробут, хоспутугар 6-8 буолан. Уопсайбытыттан отучча миэтэрэ тэйиччи остолобуойдаахпыт. Ким баҕалаах бэйэтэ уопсайга астаныан сөп.

Итиннэ дуогабарынан үлэлиигит дуо? Кистэл буолбатах буоллаҕына, хамнаһыҥ төһөнүй?

– Биһиги Навахту14 кэлбит сахалар дуогабарынан үлэлиибит. Үс ый үлэ уонна биир ый сынньалаҥ. Ыйга уопсайа 144 чаас үлэлиибит. Мин УПР 1 диэн учаастакка баарбын. Ол аата, бэлэмнэнии үлэтин учаастага диэн буолар. Биһиги, бастакы симиэнэҕэ үлэлээччилэр, саамай сүрүн үлэни толоробут. Шахта иһигэр проходчиктарга матырыйаал илдьэбит (подхваты, балки, анкера, сиэккэ). Биир күн өрүүбүт. Ол күн дьэ таҥас-сап суунуу, сынньалаҥ. Үлэбит хара күүс үлэтэ буолан, сарын, сис көһүйэр. Ол эрээри киһи үөрэнэр. Манна кэлиэхпиттэн биир да күнү көтүппэккэ үлэлии сылдьабын. Арассыыйа араас муннуктарыттан үлэлии кэлэллэр. “Восточная Денисовская” шахтаҕа саха вахтовиктара “бастакы хараҥаччылар” буолабыт.

Сахам ыччата, кытаатан кэлэн бэйэҕитин тургутан көрүҥ, үлэлээҥ, хамнаста аахсыҥ диэн үлэлии сылдьар киһи быһыытынан ыҥырабын. Уһуннук толкуйдаабакка, Навахту14 саайтка киирэн суруттарыҥ, сөбүлүүр идэҕитин талан үөрэниҥ, үлэлээҥ. Хамнас туһунан этэр буоллахха, хас биирдии учаастак төлөбүрэ араас. Толору биир ый үлэлээбит киһи сүүстэн тахса тыһыынчаны аахсар.

Шахтер буоларга ханнык хаачыстыба нааданый?

– Күүстээх санаалаах, кы­­таанах майгылаах саха уолаттара таах кыайар үлэлэрэ. Чөл олоҕу тутуһар, инникитин саныыр киһи үлэлиир дии саныыбын. Саха сатаабатаҕа суох диэн санааны тутуһабын.

Андрей, ситиһиилээх үлэни баҕарабын!

Андрей Васильев тус архыыбыттан хаартыскалар туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 71% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: