Быыһыыр сулууспа сүппүт дьону көрдүүр

Share

Быыһыыр сулууспаҕа күһүҥҥү түбүгэ үгүс. Ол курдук, Өлүөхүмэ оройуонугар Чаара өрүскэ балаҕан ыйын 19 күнүгэр сүппүт үс киһини көрдүүллэр.

Онон. Чаара өрүс түгэҕин чинчийдилэр. Көрдүүр үлэҕэ мотуордаах икки оҥочонон сырыттылар, олохтоохтортон баҕа өттүлэринэн 6 киһи уонна Саха сирин Быыһыыр сулууспатын 3 үлэһитэ кытыннылар. Бэҕэһээ ууга түспүт дьонтон биирдэрин саппыкытын  булбуттар.

Ону тэҥэ Ленскэй оройуонугар 1963 с. төрүөх эр киһини көрдөөһүн салҕанар. Бу киһи сүппүтүн туһунан балаҕан ыйын 21 күнүгэр тыллаабыттар. Ол кэнниттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр Өлүөнэ сүнньүнэн Джерба өрүскэ 9 миэтэрэ дириҥнээх сиргэ тиэрэ эргийэн сытар оҥочо көстүбүт. Видеокамеранан аймахтара ол оҥочону  бигэргэппиттэр. Сарсыныгар кытылы чинчийбиттэр, биэрэктэн фарватерга диэри 350-400 миэтэрэ сиргэ квадрокоптеры туһаммыттар. 9 быыһааччы 4 оҥочонон сырыттылар.

Оттон Томпо оройуонугар балаҕан ыйын 18 күнүгэр сүппүт 1972 с. төрүөх эр киһини икки водолаз  көрдүүр.

Ону тэҥэ Өймөкөөн оройуонун Уус Ньара бөһүөлэгэр 2018 с. төрүөх оҕону көрдөөһүн сөргүтүлүннэ. Бу уолчаан Индигиир эбэҕэ атырдьах ыйын 5 күнүгэр сүппүтэ биллибитэ. Быыһааччылар бөлөхтөрө балаҕан ыйын 26 күнүттэн үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

14 часов ago