Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ быылга араас хартыына ойууламмыт хаартыскалара хото тарҕаммыттарын бары да бэлиэтии көрдөххүт.
Мин норуоттан тахсыбыт талааннары сурукка тиһэрим быһыытынан, бу уруһуйдары эмиэ хараҕым далыгар “хатаабытым”. Сотору буолан баран, наадыйар төлөпүөнүм нүөмэрин булан, “быыл уруһуйдьутугар” эрийдим.
Дьэ, онон “Сатабыл” рубрика бүгүҥҥү ыалдьыта – Нам улууһун олохтооҕо Григорий Замятин.
Нам улууһун 2-с Хомустааҕыттан төрүттээх үс оҕолоох (улахана – тоҕустаах, ортокута – алталаах, кырата – үстээх дьон) улахан дьиэ кэргэн аҕата. Бэйэ дьарыктаах үлэлээх. Нам педагогическай кэллиэһин 2010 сыллаахха бүтэрбит. Ол эрээри идэтинэн буолбакка, элиэктиригинэн үлэлээбит. Григорий Замятины кылгастык билиһиннэрдэххэ, итинник.
– Худуоһунньук идэтигэр ханна уһуйуллубуккунуй? Бука, төрүттэргэр уруһуйдьут баара буолуо?
– Аҕам уруһуйдуур этэ, арааһа, кини төрдүлэриттэн бэриллибитэ буолуо. Икки сыл буолла, иэйиим киирдэҕинэ, итинник быылга уруһуйдуур буолбутум. Ити “Аэрография” дэнэр эбит, көрүҥэ үгүс. Мин итинэн анаан дьарыктаммаппын. Биирдэ эмэ иэйиим киирдэҕинэ уруһуйдуубун, онтон хаартыскаҕа үйэтитэн баран, сотон кэбиһэбин. Ардах суох буоллаҕына, быылы туой буорунан түннүкпүн ньаҕайдаан, куурдан баран уруһуйдуубун.
– Уруһуйдуургар төһө бириэмэ барарый?
– Төһө уустук тиэмэҕэ ылсарбыттан тутулуктаах. Сороҕор икки чаас барар. Ардыгар чаас аҥаарынан бүтэрэбин. “Киһи билэр дьонун ити хайдах илэ гына уруһуйдуугунуй?” диэн үгүстүк ыйыталлар. Сирэйдэрин сүрүн “чертатын” биэрэбин. Онтон уруһуй бэйэтэ тахсан кэлэр. Илиим бара үөрэннэҕэ дии. Соторутааҕыта уруһуйдарбын дьон статустарыгар таһаарбыттар аҕай этэ. Онно табаарыстарым: ”Былааһы дьэ ылбыккын дии…” диэн күлсүбүттэрэ. Убайым атаһыгар ыыппыта, ситимнэри толорбут этэ.
– Арай хаартыска биэрэн сакаастаахтарына, уруһуйдуоҥ этэ дуо?
– Оо, анаан сакаастаатахтарына, илиим олох барбат буоллаҕа. Көҥүл уруһуйдьуппун. Иэйиим киирдэҕинэ эрэ уруһуйум тахсар. Анаан олорон уруһуйдуу да иликпин, оннук толкуй да киирбэт. Хас эрэ сыллааҕыта тааска туочуканан уруһуйдаан, харысхаллары оҥоруу үөдүйэ сылдьыбыта. А-4 лиис пуорматын курдукка оннук ойуулары контурнай кыраасканан уруһуйдаан, аҕыйах хартыынаны дьоҥҥо бэлэхтээн турабын. Ол дьарыкпын бырахпытым. “Баар баара өтөр” дииллэринии, уруһуйдуур дьарыгым сороҕор “көбөн” кэлээччи. Онтубун ити массыына быылыгар уруһуйдаан, оҥорбут үлэбинэн дуоһуйабын. Онтон сотон кэбиһэбин. Массыына ылынан баран, быылга уруһуйдуур буолбутум. Ханна эмэ үчүгэй уруһуйу көрөн баран, өйбөр хатаан кэбиһэбин. Онтон уруһуйдуу олордохпуна, ол илэ көстөн кэлэргэ дылы…
– Оҕолоргор туох эмэ бэриллибит курдук дуо? Кинилэр уруһуйдууллара буолуо?
– Суох, уруһуйга ылларбыттара көстүбэт. Биллэр дьону уруһуйдаабыппын көрдөхтөрүнэ, кимин тута билэллэр. Арай кыра киһибит уруһуйдьут буолара дуу?
… Ити курдук, көҥүл худуоһунньук бэйэтигэр эрэ уруһуйдуур эбит. Дьон кыаҕыттан киһи саллар. Бу маннык уруһуйдуур киһи айаҕын аа-дьуо ииттэр кыахтаах эбит. Интэриниэккэ хасыһан көрбүппэр, Григорий Замятин курдук аэрограф-уруһуйдьуттары киин куораттарга анаан көрдөөн, быылга буолбакка, массыыналарын таһыгар кыраасканан уруһуйдаталлар эбит. Сыаната 20 тыһыынча солкуобайтан 200 тыһыынча солкуобайга тиийэ. Онон, туһугар, хамнастаах үлэ эбит. Оттон “Сатабыл” дьоруойа “сакааска уруһуйдаабаппын” диир. Саха уолаттара хайдахтаах курдук талааннаахтарын сөҕөн туран, бу уруһуйдар ааптардарын булан анаан кэпсэттим.
Сахабыт сирин нэһилиэктэригэр араас эйгэҕэ төһөлөөх маннык айылҕаттан бэриллибит талааннаах ыччаттарбыт биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьаллара буолуой?..
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…