Быыстапка-пуорумҥа Саха сирин күннэрин култуураҕа бырагырааматын быһаардылар
Сэтинньи 12 күнүгэр “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум иитинэн Москваҕа ВДНХ былаһааккатыгар Саха сирин күннэрэ буолуоҕа.
Саха сирин күнүнэн сэтинньи 12 күнэ ыйыллыбыта. “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум – бу дойду сүрүн ситиһиилэрин билиһиннэрии. Арассыыйа бары 89 эрэгийиэнэ, федеральнай министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр, корпорациялар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыахтара.
Култуура бырагырааматыгар ВДНХ кылаабынай сыанатыгар, Саха Өрсөпүүбүлүкэтин күннэрин үөрүүлээх аһыллыытыгар режиссер Андрей Саввич Борисов салайааччылаах «Метаморфозы эпоса Олонхо» театрализованнай көрдөрүү былааннанар. Кыттааччылар – Олоҥхо тыйаатырын труппата, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар судаарыстыбаннай тыйаатырдарын артыыстара, “Кыл Саха” норуот үстүрүмүөннэрин ансаамбыла, Саха сирин ааттаах-суоллаах артыыстара.
Биир бэлиэ түгэнинэн “Уруу алгыһа” ыал буолуу сиэрин толоруу буолуоҕа. Ону тэҥэ, көрөөччүлэри Арассыыйа уонна эрэгийиэн сулустара кыттыылаах “Олоҥхо дойдутун ырыата” кэнсиэртээҕи бырагыаама күүтэр. Манна хабарҕа ырыата, хомуска тардыы, оһуокай, СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай – Саарын толоруутугар ырыа, тута хоһуйуу, “Гулун” ансаамбыл толоруутугар хотугулуу, сахалыы үҥкүүлэр киириэхтэрэ.
Киэһэни “Россия” пуорум амбассадора, Голос бырайыак финалистката Валерия Миронова, СӨ үтүөлээх артыыһа, Мариинскай тыйаатыр ырыаһыттарын академятын солиһа Григорий Чернецов, “Русский характер” бөлөх солистара, о.д.а. чаҕылхай ырыаларынан киэргэтиэхтэрэ.
Маны таһынан, хэдлайнер Эдуард Гаврильевтыын уонна тус-туспа араас култууралар хайысхаларын кыттааччыларыныын, “ZaZa” национальнай көстүүмнэр кэллиэксийэлэринэн «Этнофест» тэрийиэхтэрэ.
Роснефть былаһааккатыгар саха артыыстара Александр Дьячковскай-Саарын, виртуоз-хомусчут Георгий Слепцов, «Гулун» ансаамбыл кыттыахтара.
Быыстапка бары ыалдьыттарыгар анаан «Надо мною солнце не садится» уус-уран киинэни көрдөрүөхтэрэ.
Онон эрэгийиэн күннэрин култуураҕа бырагырааматыгар 90 киһи кыттыаҕа. Итинтэн Андрей Борисов салайааччылаах тэрийээччилэр бөлөхтөрүгэр 10 киһи уонна 80 артыыс.
Сэтинньи 25-26 күннэригэр 75-с павильоҥҥа Олоҥхо күннэрэ (олоҥхону толоруу, олоҥхоҕо Анастасия Алексеева, Олоҥхо тыйаатырын маастар-кылааһа) тэриллиэҕэ.
Сэтинньи 28-30 күннэригэр 75-с павильоҥҥа Хомус күннэрэ (хомуска тардыы, Хомус түмэлэ хомуһу тардыыга уонна оҥорууга маастар-кылааһа, хомус быыстапката-атыыта) ыытыллыаҕа.
Ахсынньы 1 күнүгэр 75-с павильоҥҥа “Саха сирин виртуозтара” скрипачтар судаарыстыбаннай ансаамбылларын кэнсиэртээҕи бырагыраамалара былааннанар.
СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: