Быыстапкаҕа — археологическай хаһыыларга көстүбүт саха былыргы киэргэллэрэ

Share

Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн киин куоракка “Арассыыйа – мин устуоруйам” пааркаҕа Култуура нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт “Олоҥхо-ЭКСПО — Олоҥхо үйэлээх аартыга” уонна «Fantasy Olonkho 2022» икки улахан быыстапка аһылынна.

Олоҥхо сайдыытын көрдөрөр быыстапкаҕа XVII-XVIII үйэлэрдээҕи саха таҥаһа-саба, археологическай хаһыыларга көстүбүт түҥ былыргы киэргэллэр, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай архыып уонна  Саха сирин тимир уустарын сойууһун эспэнээттэрэ турдулар. Бастакы быыстапка — «Олоҥхо үйэлээх аартыга» саха былыргы эпическэй ускуустубатын сирэйдиир. Иккиһэ — «Fantasy Olonkho 2022» аныгы үйэ ыччата олоҥхону хайдах көрөрүн сыыппара нөҥүө электроннай тиһиккэ уруһуйдаан көрдөрүүтэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ, манна өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолатын үөрэнээччитэ кыттыбыт.

Быыстапканы СӨ Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ, Олоҥхо тыйаатыра,“Арассыыйа – мин устуоруйам” паарка уонна биирдиилээн худуоһунньуктар  түмсүүлэрэ арыйдылар.

Арассыыйа наукаларын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсаннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт  институтун чинчийэр үлэһитэ Александра Прокопьева бэлиэтээбитинэн, «Олоҥхо үйэлээх аартыга” быыстапкаҕа институт икки быыстапканы бэлэмнээбит.

—  Бастакыта – археологическай хаһыыларга көстүбүт XVII-XVIII үйэлэрдээҕи былыргы  саха киэргэллэрэ.

Иккис быыстапка – Арассыыйа наукаларын Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин научнай киинин илиинэн сурук пуондатын архыыбыгар харалла сытар  Михаил Носов уруһуйдара. Кини археологическай хаһыыларга уруһуйдьутунан үлэлиир этэ. Онно көстүбүт таҥастар реконструкцияларын уруһуйдаан хаалларбыта. Бу эспэнээт эмиэ археологическай хаһыыларга көстүбүт  таҥастар куопуйалара. Биһиги 18-с үйэҕэ саха дьонун мөссүөннэрэ көстөн кэлэллэрин курдук өйдөбүл баар буолуохтаах диэн санаалаах бу экспозицияны оҥордубут.  Маастардар историческай өттүнэн ордук сөп түбэһэр гына 18-с үйэ уобарастарыттан археологическай матырыйаалларга олоҕуран оҥоһуллубт көстүүмнэрэ турдулар, — диэн кэпсээтэ Александра Прокопьева.

Киһи археологическай хаһыы эспэнээттэрин көрөн баран, «бу  саха оҕуруолара үйэлэр тухары сиргэ көмүллэн сыппыттара буолуо дуо?» диэн сөҕө саныыр.

Маны таһынан, 19-с үйэтээҕи тыйаатырдар көстүүмнэрэ улахан болҕомтону тарта.

Александра Прокопьева бэлиэтииринэн, киниэхэ былыргы таҥастары көрдөрөр санаа кэлбитэ сыл курдук буолбут. “Бу быыстапкаҕа кытыннараары тыйаатыр уонна архыып үлэһиттэрин кытта ый курдук үлэлээтибит. Мусуойга талбыт эспэнээттэрбитин үс күн устата наардаан, бэлэмнээн туоруордубут. Бүгүн «Олоҥхо үйэлээх аартыга» диэн олус наадаалаах быыстапка бастакы тэрээһинэ буолла. Салгыы сыл аайы үгэс быһыытынан тиэмэтэ уларыйан, араас хайысхаланан  ыытыллара буоллар диэн баҕалаахпын.  Кэрэхсэбиллээҕэ баар, саҥа көрүҥүнэн ыччаттар, оҕолор кыттыыны ыллылар. Онон олус кэскиллээх саҕалааһын буолла”, — диэн санаатын тиэртэ былыргы археологическай хаһыылары чинчийээччи.

Быыстапка бырагыраамата олус киэҥ. Саалаҕа киирээккин кытта ханна туох баара ыйыллан турар.

Биир кэрэхсэнэр эспэнээттээх сааланан аатырбыт модельер, уопсастыбаннай диэйэтэл Августина Филиппова көстүүмнэрэ буолаллар.

Манна киһи олох чугастан аатырбыт худуоһунньук-дизайнер үлэлэрин сэргии көрөр кыахтаах. Кылтан уонна сиэлтэн оҥоһуктар быыстапкаҕа эмиэ турбуттар.

Бу маннык бэрт дириҥ ис хоһоонноох быыстапка ахсынньы 15 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago