Быыстапкаҕа бэйэ дьарыктаах дьон көхтөөхтүк кытыннылар (ВИДЕО)
Бүгүн «Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай пааркаҕа Олоҥхо күнүгэр анаммыт бэрт кэрэхсэбиллээх, дьон интэриэһин тардар тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Дьон сарсыардаттан «Саха сиригэр оҥоһуллубут» («Сделано в Якутии») диэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар дьаарбаҥка-быыстапкаларын бэркэ сэргээтилэр. Манна туох суоҕуй диэх курдук? Быһахтан таҥаска тиийэ ким тугу баҕарбытын атыылаһан барыан сөп.
Бэйэ дьарыктаах Саргылаана Сивцева биэнсийэҕэ олорор кэмигэр олус туһалаах дьыаланан дьарыктанар эбит. Кини маннык улахан тэрээһиҥҥэ бастакытын кыттар.
— Нам педучилищетын бүтэрэн баран, черчение уонна уруһуй учууталынан үлэлээбитим. Куукулаларым сирэйдэрин уруһуйдаан баран, баатанан таҥастарын оҥоробун. Сүрүннээн акриловай кыраасканы, акварелы, миэли туһанабын. Сыанабын бэйэм быһабын. Кытай ырыынагынан сирдэтэбин. Кинилэргэ мин оҥорор сувенирдарым 2850 солк. сыаналаахтар. Мин «ыраас» матырыйаалынан оҥорор буолан, туттар матырыйаалым сыанатын эбэбин, — диэн санаатын үллэстэр сэһэргэһээччим. Саҥа дьыл чугаһаан, Саргылаана Сивцева Чысхаан, Хаарчаана, Тымныы оҕонньор куукулаларын хото оҥорбут. Таһыттан көрөн, киһи фабрика оҥоһугуттан араарбат. Сувенирдар хамаҕатык атыыга барбыттара көстөр. Сарсыарда остуол толору турбут эбит буоллаҕына, эбиэт кэнниттэн ахсааннара биллэ аҕыйаабыт.
Ити курдук Олоҥхо күнүгэр ыытыллыбыт «Саха сиригэр оҥоһуллубут» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа аан бастаан кыттыбыт Саргылаана Сивцева суола аһыллан, мантан инньэ үгүс суолталаах быыстапкаларга кыттара чахчы.
Салгыы видео-устууну көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: