Ахсынньы 4-14 күннэригэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 85 сааһыгар аналлаах саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи III кэнгириэһэ ыытылла турар. Уопсайа 150-тан тахса киһи кыттара былааннанар.
Кэнгириэскэ бастакынан Сахалин уобалаһыттан уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэллилэр. Кинилэри кэнгириэс сүрүн тэрээһиннэрэ ыытыллыахтаах Хаҥалас улууһун Чапаев сэлиэнньэтигэр баар Билим дьоҕус академиятын үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун уопсайыгар түһэрдилэр.
Сахалин уобалаһын бэрэстэбиитэлэ Артем Хуснулгатин: “Саха сиригэр олус тымныы диэбиттэрэ. Сылаас таҥаспын барытын илдьэ кэлбитим эрээри, олус тымныы буолбатах эбит. Саха сирин олохтоохторо бэрт эйэҕэстэр. Номнуо “махтал”, “дорообо” диэн тыллары үөрэттим”, — диэн санаатын үллэстэр.
Тэрийээччилэр бастакынан кэлбиттэргэ куорпустарынан экскурсияны тэрийдилэр. Киэһэ саха норуотун оонньууларын кытта билиһиннэрдилэр.
Бэҕэһээҥҥиттэн норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстер, түргэн оонньууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ Антон Шомоев ыытар саахымат оскуолатын бастакы күнэ саҕаланна. Кыттааччылар төһө да кыраларын иһин, саахымат садаачаларын үөрүүнэн суоттууллар уонна көхтөөхтөр диэн гроссмейстер бэлиэтиир: “Мин санаабар, саахымат оҕоҕо көннөрү алтыһыыттан саҕалаан, анаалыстыыр дьоҕурга тиийэ сайыннарар. Ону тэҥэ, бу эмиэ успуорт күрэхтэһиитин кэриэтэ, чиэһинэй оонньууга сирдиир”.
Ыҥырыылаах ыалдьыт бэйэтэ саахыматы кытта билсиитэ аан бастаан 5 сааһыгар саҕаламмыт. Тоҕус сааһыттан номнуо тас дойдуларга күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбут. “Саахымакка бэйэм үөрэммитим. Төрөппүттэрим улаханнык өйүүллэрэ. Итиэннэ атын куораттары көрөрбүн, дойдуларынан сылдьарбын сөбүлээбитим.
Саха сиригэр төрдүс сырыыбын кэлэбин. Бу сырыыга сүрүн соругум – оҕолору оонньуу тиэхиньикэтигэр үөрэтии, саахымат садаачаларын суоттуурга көмөлөһүү. Бүгүн күүстээх, талааннаах оҕолор мустубуттар. Саха сирэ маастары иитэр, салгыы гроссмейстеры үүннэрэр улахан кыахтаах”, — диэн этэр.
Кэнгириэс бырагыраамата киэҥ, ол курдук, гроссмейстердар сиэссийэлэрэ, Михаил Николаев бирииһигэр саахымакка XVII олимпиада, норуоттар икки ардыларынааҕы онлайн турнир, “төгүрүк остуол”, эрэгийиэҥҥэ саахыматы уонна үөрэҕи сайыннарыыга кэмпириэнсийэ, педагогтарга, тириэнньэрдэргэ, саахымат куруһуогун, сиэксийэтин салайааччыларга аналлаах куурус, судьуйаларга аналлаах сэминээр, маастар-кылаастар, биир бириэмэлээх сеанс, саахымат садаачаларын суоттааһыҥҥа куонкурус, о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…