Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, Саха сиригэр Арктика күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнтэн ыла үгэс буолбут тэрээһиннэр муус устарга диэри ыытыллыахтара.
А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Мир Арктики” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа. Кулун тутар 19-22 күннэригэр Саха сирин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын VIII сугулааннара ыытыллыаҕа. Сугулаан кыттааччыларын уонна ыалдьыттарын ХІІ эбэҥки национальнай эпоһын «Нимнгакан тэкэнин бинидут» (Эпос в нашей жизни) диэн ааттаах национальнай бэстибээл күүтэр. Оттон “Сосновый бор” оҕо сынньалаҥ киинигэр “Арктика оҕолорун оонньуулара” VI төгүлүн ыыттыллыаҕа.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Егор Борисов 2014 сыллаахха Арктика сыла түмүктэнэр үөрүүлээх мунньаҕар уонна Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын 25 сыллаах үбүлүөйүгэр Арктика күнүн биллэрбитэ.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…